Сэтинньи 27 күнүгэр Саха сиригэр быйыл иккис үс игирэ оҕо күн сирин көрдө.
Үс уол оҕо, 1600, 1770 уонна 1980 грамм ыйааһыннаах, сэтинньи 27 күнүгэр сарсыарда 1 №-дээх Мэдиссиинэ национальнай киинигэр төрөөтүлэр. «Биһиги кииммитигэр үс игирэ быйыл иккиһин төрөөтүлэр. Хаҥалас оройуонуттан ийэ бэһис төгүлүн төрөөтө. Билигин ийэ уонна кырачааннар быраастар кэтээн көрүүлэригэр сыталлар», — диэн 1 №-дээх Мэдиссиинэ национальнай киинин пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
Санатан эттэххэ, бу сыл атырдьах ыйын 6 күнүгэр Дьокуускайга балыыһаттан бастакы төрөөбүт үс игирэ оҕону үөрүүлээхтик таһаарбыттара. Оччолорго Лея, Мила уонна Юна диэн ааттаах үс кыыс оҕо күн сирин көрбүттэрэ.
Убаастабыллаах суруналыыстар, куорат олохтоохторо! sakha-sire.ru саайт сэтинньи 28 күнүгэр, күнүс 2 чаастан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиакииҥҥэ (Орджоникидзе…
Саҥа дьыл бырааһынньыга – бу ураты аптаах, алыптаах уонна, биллэн турар, бэлэх тутар уонна туттарар…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн оҕотугар хаһыытыыр, охсуох буолан суоһурҕанар ийэ видеота киэҥник тарҕанан элбэх дьон-сэргэни…
Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгин дьоно эмиэ атын нэһилиэктэр курдук, байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолоругар ким туох…
Дьүкээгир суруйааччыта, филологическай билим дуоктара, Саха сирин бочуоттаах гражданина Гаврил Курилов- Улуро Адо 86 сааһыгар олохтон…
Суукка иһигэр Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…