Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ.
Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр Бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар. 51 куойкалаах интэринээт-дьиэ кырдьаҕастары уонна инбэлииттэры сылы эргиччи көрөргө ананар. 5 тыһыынчаттан тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх икки этээстээх дьиэ икки блоктан турар: олорор дьиэ уонна уопсай дьиэ. Бырайыагынан икки этээстээх дьиэ тутуллар. Манна 15 уонна 16 олорор дьиэ хосторунан суоттанан оҥоһуллар.
Бастакы этээскэ инбэлииттэргэ анаан икки миэстэлээх үс хос көрүлүннэ. Маны таһынан 46 олорор миэстэлээх остолобуойдаах. Бу этээскэ уһанар мастарыскыай, таҥас сууйар кыладабыай, тэхинничэскэй хостор бааллар. Уопсай блок иккис этээһигэр мэдииссиинэ хоһо, култуурунай- маассабай уонна физкултуура кэбиниэттэрэ, куруһуок ыытар уонна административнай хостор көрүлүннүлэр. Эстрада, артыыстар, көстүүм уурар хостору таһынан 42 миэстэлээх актовай саала тутулунна. Физкултуура саалатыгар тириэньэр хоһо, инбэлииттэргэ анаан душ, туалет бааллар. Ону кытта кинигэ харайар бибилэтиэкэ баар буолуоҕа. Бу иннинэ маннык эбийиэктэр Томмот, Бүлүү, Өлүөхүмэ куораттарынан, Намҥа тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ. «Бу тэрилтэлэр саҥа усулуобуйаларынан оройуоннарынан кырдьаҕастар көхтөөх сынньалаҥнарын тэрийии сынньалаҥ кииннэрэ буолаллар», — диэн Айсен Николаев эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: