Саха сиригэр быраастар дьахтар оһоҕоһуттан бүтүн хортуоппуйу хостообуттар

Share

Чурапчы улууһугар 38 саастаах дьахтар куртаҕа сытыытык ыалдьан суһаллык балыыһаҕа киирбит. Быраастар ол күн эпэрээссийэ ыыппыттар уонна синньигэс оһоҕоско хаайтарбыт  бүтүн хахтаах хортуоппуйу булбуттар.

Чурапчытааҕы киин балыыһа бырааһа Илья Оконешников СИА-ҕа кэпсээбитинэн, ыарыһах сытыы оһоҕос ыарыылаах балыыһаҕа икки хонон эрэ баран киирбит. Дьахтар куртаҕа улаханнык ыалдьыбыт, иһэ үллүбүт, ол эрээри туох эрэ атын оһоҕоско хаайтарбыт диэн сэрэйбэтэх. Балыыһаҕа быраастар эпэрээссийэ ыытарга быһаарыы ылыммыттар. Бастаан утаа  оһоҕоско хам сыстыһыы үөскээбит диэн сабаҕалаабыттар. Эпэрээссийэ кэмигэр синньигэс оһоҕос иһигэр кытаанах, куртахха ситэ буспатах, бүтүннүү ыйыһыллыбыт хахтаах хортуоппуйу булбуттар. Хортуоппуй олус кытаанах буолан синньигэс оһоҕоһу бүөлээбит»,-диэн Чурапчытааҕы киин балыыһа хирург бырааһа Илья Оконешников кэпсээтэ.

Быраас этэринэн, эпэрээссийэ ситиһиилээхтик ааспыт. Онон ыарыһах эпэрээссийэ кэнниттэн  сарсыныгар атаҕар турбут уонна сотору кэминэн балыыһаттан тахсарга бэлэмнэнэр.

Recent Posts

  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (балаҕан ыйын 19-26 күннэрэ)

Хой Элбэҕи былаанныыгын уонна санааҥ күүһүн ситэри тиэрдибэккин. Санааҕын  ууран ылыстаххына, үтүө түмүктэри аҕалыаҕа. Ол…

3 минуты ago
  • Сонуннар

Даамба тута сылдьан, аттаах киһи көмүллүбүтүн буллулар

Дьааҥыга тутааччылар аттаах киһм көмүллүбүтүн булбуттарын туһунан өрүспүүбүлүкэ култуурунай нэсилиэдийэти   Верхоянском районе Якутии строители…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Балаҕан ыйын 19 күнэ: ардах, хаар уонна тыал

Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар быстах ардыыра, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

26 саастаах дьахтарга холуобунай дьыала көбүтүлүннэ

Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт  Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…

10 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын хамаандалара «Путь воина» күрэхтэһии кубогын иһин киирсиэхтэрэ

Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…

11 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөнү уорбут

Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…

12 часов ago