Саха сиригэр бырамыысыланнас оҥорон таһаарыыта  үрдээтэ

Саха сиригэр бырамыысыланнас оҥорон таһаарыыта  үрдээтэ

31.10.2024, 19:15
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр бырамыысыланнас оҥорон таһаарыытын кээмэйэ 2024 сыл тохсунньу-балаҕан ыйдарыгар ааспыт сыл бу кэминээҕэр 108,6% үрдээтэ.

“Таас чох салаатыгар үүнүү 1,3 быр. тэҥнэстэ – “Эльга”, “Колмар” уонна “АнтрацитИнвестПроект” хампаанньалар оҥорон таһаарыыларын түмүгэр. Гааһы хостооһун Чайаҥдатааҕы баайдаах сир суотугар 6,6%, кыһыл көмүс – Алдан, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн оройуоннарын тэрилтэлэрин үлэлэрин түмүгэр 12,9 % үрдээтэ”, — диэтэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев.

Быйыл тоҕус ый түмүгүнэн 35,8 мөл туонна таас чох хостонно эбэтэр былырыыҥҥытааҕар 8,7 мөл туоннанан элбэх.

Өрөспүүбүлүкэҕэ гааһы хостооһун  кээмэйэ 9 ый түмүгүнэн 15,1 млрд куб.м тэҥнэһэр. Ол 1,05 млрд кубометрынан элбэх.

Росстат көрдөрүүтүнэн, Саха сирэ эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта кээмэйинэн рейтиҥҥэ 17 миэстэҕэ иһэр. Өрөспүүбүлүкэ Экэниэмикэҕэ министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, 2024 сыл тохсунньу-балаҕан ыйдарыгар эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта 6,6 быр. улааппыта бэлиэтэнэр, ол Арассыыйа орто көрдөрүүтүттэн үрдүк. Онно бырамыысыланнас оҥорон таһаарыыта улахан оруоллаах.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыска: СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 ноября
  • -13°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 85% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: