Саха сиригэр быстах ардах, сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһүөҕэ

Share

Саха сиригэр күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр быстах ардах, сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһэрин сылыктыыллар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ арҕаа быстах ардах, сорох сиринэн күүстээх ардах, түүн Өлүөхүмэҕэ, Бүлүү бөлөх улуустарыгар дохсун самыыр түһэрин билгэлииллэр. Күнүс соҕуруу, киин улуустар арҕаа өттүгэр, Өлүөнэ алын тардыытынан быстах ардах, сорох сиринэн уонна Халыма-Индигиир улуустарынан күүстээх этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр. Арҕаа улуустарга хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ  9-14 м/с түргэннээх тыаллаах.  Киин улуустарга этиҥнээх ардах түстэҕинэ  сөкүүндэҕэ 15-20 м/с түргэннээх тыалыарыа.

Салгын температурата  түүн +10+15С, арҕаа, хотугулуу-илин +3+8С, былыта суох буоллаҕына хотугулуу-арҕаа 0+5С.  Күнүс салгын температурата +23+28С, арҕаа +10+15С, соҕуруу ардах түстэҕинэ уонна хотугулуу-илин +15+20С кыраадыс сылаас. Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар кыралаан ардыыр, сорох сиринэн инчэҕэй хаар түһүөҕэ, сөкүүндэҕэ 15-20 м/с түргэннээх күүстээх тыалырыа. Салгын температутара +5+10С, сорох сиринэн -2+3С, күнүс+16+21 С, хоту муора кытылынан 0+5С.

Дьокуускайга  түүн сөҥүүтэ суох, күнүс быстах ардах, ону кытта этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр. Илинтэн сөкүүндэҕэ 3-8 м/с түргэннээх тыаллаах, ардыгар тыал 8-13 м/с диэри күүһүрүө, этиҥнээх ардахха сөкүүндэҕэ 15-18 м/с түргэннээх күүстэх тыал түһэрэ сылыктанар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Бастакы экспонаттан саҕалаан билиҥҥи саҕахтары арыйыы

Түмэл иитэр-үөрэтэр үлэҕэ музейнай педагогика диэн улахан суолталаах эйгэ буолар. Бу, оҕо экспонат көмөтүнэн устуоруйаны…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Экэниэмикэ сайдар буолан уоту туһаныы улаатар

Саха сиригэр уот тарыыба социальнай тэрилтэлэргэ эмискэ улааппытын, онон саахал тахсар куттала баарын туһунан Саха…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэрэсидьиэн сорудаҕынан дойдуга дьиэ кэргэни өйүүр тиһиги тупсарыахтара

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин – быһа эпиирин…

32 минуты ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар

РФ Бэрэсидьиэнин үрдүк сыанабыла өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар ураты суолталаах

Саха сирэ үчүгэйдик сайдар уонна Бэрэсидьиэн этэринэн, бойобуой киирсии лииньийэтигэр аан да дойдуга суох байыастары…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэрэсидьиэн утильсбор туһунан эттэ

Суруналыыс омук массыынатын ылыныам диэн биэс сыл харчы мунньуммут. Ол эрээри, массыынаҕа сыана олус үрдээн…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Мэдиссиинэ университетын устудьуона Бэрэсидьиэҥҥэ ыйытыы биэрдэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сылы түмүктүүр пресс-кэмпириэнсийэтигэр тыһыынчанан ыйытыы киирэр. Онтон биирдэстэрин мэдиссиинэ университетын 5-с…

1 час ago