Саха сиригэр бүтүн Арассыыйатааҕы «Тиэргэнинэн ыллыыбыт» аахсыйа саҕаланна

Share

Саха сиригэр ыам ыйын 6 күнүгэр «Тиэргэнинэн ыллыыбыт» бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа буола турар. Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ эҕэрдэлэри туталлар.

Артыыстар, уопсастыбанньыктар уонна Дьокуускай куорат олохтоохторо Сергей Степанович Прихожаны, Петр Константинович Яковлевы, Кирилл Егорович Павловы, Валентина Васильевна Ефремованы, Наум Трифонович Слепцову, Мартын Герасимович Григорьевы, Роман Тихонович Николаевы эҕэрдэлээтилэр.

Биһиги бэтэрээннэрбит хорсун быһыыларын уонна үлэҕэ ситиһиилэрин кинилэр наҕараадалара уонна бочуоттаах ааттара туоһулууллар. Кинилэр олоххо олус көхтөөхтөр.

Дьокуускайга Эстрада тыйаатырын уонна «Туймаада» ансаамбыл артыыстара Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ олорор тиэргэннэригэр сэттэ аадырыска кытыннылар. Кинилэр «Темная ночь», «Туруйалар», «Смуглянка», «Синий платочек», «День Победы», «Долгунча», «Хайыhар» уо.д.а. ырыалары ыллаатылар.

Патриотическай аахсыйаҕа олохтоохтор, СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэ үлэһиттэрэ, бэтэрээннэр сэбиэттэрэ, куорат управалара кытыннылар.

Бүгүн Саха сиригэр Аҕа дойду Улуу сэриитин 16 кыттыылааҕа, Ленинград блокадатын туораабыт 13 киһи, уруккута толору сааһын ситэ илик 12 хаайыылаах уонна 2178 тыыл бэтэрээнэ олорор. Кинилэртэн биир да киһи болҕомтото суох хаалыа суоҕа.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

5 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

6 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

6 часов ago