Саха сиригэр быыбар хаамыытын Кэтээн көрүү киинигэр көрүөххэ сөп
Саха сиригэр куоластааһын хаамыытын СӨ Уопсастыбаннай палаататыгар баар Уопсастыбаннай кэтээн көрүү киинэ хонтуруоллуур. Манна 237 быыбардыыр учаастактан трансляция улахан экраҥҥа быһа холбонон турар.
«Биһиги үлэбитин Дьокуускай бириэмэтинэн сарсыарда алта чаастан саҕалаабыппыт. Бу кэмҥэ хоту улуустарга куоластааһын саҕаламмыта. Быыбар саҕаланыыта олус элбэх киһи куоластыан баҕарара көстөр этэ», — диэн Уопсастыбаннай кэтээн көрүү киинин салайааччы Альбина Черепанова этэр.
Альбина Прокопьевна бэлиэтииринэн, куоластааһыны быыстала суох кэтээн көрөллөр. Бу кииҥҥэ быһа биэриини ким баҕалаах пааспарын көрдөрөн кэлэн көрүөн сөп.
Бэрэсидьиэн быыбарын кэтээн көрөөрү уопсастыбаннай диэйэтэллэр, устудьуоннар кэлэ сылдьыбыттар. «Саха сиригэр баар быыбардыыр учаастактарга кэһии суох», — диэн Альбина Прокопьевна этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: