Куоластааһын биир кэлим күнүгэр Халыма-Индигиир оройуоннарын олохтоохторо норуот дьокутаатын талыахтара. Ону таһынан бу күн 77 муниципальнай таһымнаах быыбардыыр хампаанньалара ыытыллыахтара.
Бу туһунан Саха сиринээҕи Киин быыбардыыра хамыыһыйата иһитиннэрэр. Ол курдук, балаҕан ыйыгар Аллайыаха, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ оройуоннарын уонна «Жатай» куорат уокуругун олохтоохторо оройуон баһылыгын талыахтара.
Маны таһынан бу күн Аллайыаха, Өлүөхүмэ оройуоннарын уонна «Жатай» куорат уокуругун бэрэстэбиитэллээх уорганнарын быыбара ыытыллыаҕа. 35 куорат уонна тыа сирин нэһилиэктэригэр Сунтаар, Уус Маайа, Орто Халыма, Чурапчы, Уус Алдан баһылыктарын быыбардара буолуохтара. Ону сэргэ Абый оройуонун Белай Гора бөһүөлэгэр, Уус Маайа улууһун Уус Маайа нэһилиэгэр, Хаҥалас улууһун Сиинэ нэһилиэгэр уонна Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын быыбара ыытыллара күүтүллэр.
Куоластааһын биир кэлим күнүгэр бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттарын 159 мандаата, ол иһигэр оройуон таһымыгар 53 мандаат, нэһилиэккэ 106 мандаат быһаарыллыахтара. Быыбарга 22 территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа уонна 185 учаастактааҕы хамыыһыйа чилиэннэрэ үлэлиэхтэрэ.
Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ. 70-80 саастарын туолбут…
Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…
Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…
Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…
Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр 1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…
Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…