Саха сиригэр 2025 сылга чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамалара салгыы үлэлиэхтэрэ
Саха сиригэр чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамалара салгыы үлэлиэхтэрэ.
2025 сылга Саха сирин олохтоохторо «Дьиэ кэргэн ипотеката», «ИТ ипотека», «Тыа сирин ипотеката», ону тэҥэ» «Уһук Илин уонна Арктика ипотеката» бырагыраамалары туһаныахтарын сөп. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбаны пресс-сулууспата суруйар.
«Дьиэ кэргэн ипотеката» бырагырааманы 6-гар диэри саастаах оҕолоох төрөппүттэр, ону таһынан икки уонна онтон элбэх саастарын ситэ илик оҕолоох төрөппүттэр, инбэлиит оҕолоохтор туһаныахтарын сөп. Бырагыраама усулуобуйатынан дьиэ атыылаһыыга 6 %-ҥа диэри ыстаапкалаах кирэдьиит бэриллэр. Бастакы усунуос дьиэ сыанатыттан 20%- тан итэҕэһэ суох буолуохтаах.
«ИТ ипотека» бырагыраама кыттыылааҕынан информационнай технологияларга уонна Сыыппара министиэристибэтигэр аккредитацияламмыт хампаанньаҕа үлэлии сылдьар 50 сааһыгар диэри Арассыыйа гражданина буолар. Ону тэҥэ хампаанньа нолуок чэпчэтиинэн туһаныахтаах — страховой усунуос төлөбүрүгэр намтатыллыбыт тарыыбы туһаныахтаах. IT-эйгэтин үлэһиттэрэ сыллааҕы 6%- ҥа диэри кирэдьиити ылыахтарын сөп. Кирэдьиит муҥутуур суумата — 18 мөл. солк.
«Тыа сирин ипотеката» бырагыраамана 3 %-наах кирэдьиити тыа сиригэр олорор, эбэтэр онно көһөр былааннаах ханнык баҕарар Арассыыйа гражданина ылыан сөп. Атын федеральнай ипотека бырагыраамаларыттан тыа сирин ипотекатыгар кирэдьиитинэн ыал икки кэргэниилэрэ туһаныахтарын сөп. Ол эрээри бу түгэҥҥэ хамсаабат баай-дуол сыанатыттан 40 %-нын бастакы усунуос төлүөхтээхтэр.
«Уһук Илин уонна Арктика ипотеката» бырагырааманан 35-гэр диэри саастаах эдэр ыал, 36 сааһын туола илик 18 сааһыгар диэри оҕолоох ыаллар, «Уһук Илин эбэтэр Арктическай гектар» бырагыырама кыттыылаахтара о.д.а. туһаныахтарын сөп. Сиһилии манна аах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: