Салгыы
Саха сиригэр чоҕу хостооһун 2022 сылга 26% үрдээтэ

Саха сиригэр чоҕу хостооһун 2022 сылга 26% үрдээтэ

06.02.2023, 16:08
Хаартыска Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба саайтыттан
Бөлөххө киир:

Ааспыт сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ чоҕу хостооһун 26%, оттон таска таһаарыы 23% үрдээтэ диэн СӨ бырамыысыланнаһын уонна геологиятын миниистирэ Максим Терещенко иһитиннэрдэ.
«Тастан кыһарыйыылары аахсыбакка, өрөспүүбүлүкэ чоҕу хостооһуҥҥа уочараттаах бастыҥ көрдөрүүнү ситистэ. Биһиги 39,2 млн тоннаны хостууру ситистибит, ити 2021 с. 26% элбэх. Судаарыстыба, тэрилтэлэр уонна олохтоох каадыр көдьүүстээх бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр Уһук Илин чоҕу хостооһуҥҥа бастакы миэстэни ылары ситистибит. Инньэ гынан дойду үс бастыҥ-лиидэр эрэгийиэннэрин ортолоругар киирдибит. Оҥорон таһаарыы тэтимнээхтик салгыы бара турар уонна өйөнөр. Тэрилтэ хас биирдии үлэһитэ бүгүн толору кыаҕынан үлэлиир», – диэн миниистир кэпсиир.
Чоҕу таска атыыга таһаарыы эмиэ улаатта. Ол курдук 2022 с. чоҕу илин хайысхаҕа тириэрдии 23% улаатта уонна 26 мөл. туонна буолла.
Санатан эттэххэ, «ЭЛСИ» хампаанньа Тихоокеанскай тимир суолун салгыы тутар, ол Саха сирин уонна Хабаровскай кыраай нөҥүө ааһыа. Бу суол Нерюнгри оройуонугар баар Элгэтээҕи чохтоох бөдөҥ сири уонна Элгэ пуордун холбуо. Быйыл итини таһынан «ЭЛСИ»уонна «Колми» хампаанньалар кэккэ байытар фабрикалары үлэлэтэр былааннаахтар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын саайтыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: