Саха сиригэр чучунааҕы хомуйуу кэмэ саҕаланна

Share

Сайын кэлэн, күөх от үүнэн, айылҕаҕа сылдьар үчүгэйин. Бу күннэргэ Саха сирин үрдүнэн дьон-сэргэ бастакы сир аһын хомуйууну саҕалаатылар. Амма улууһун Эмис нэһилиэгин ытык олохтоохторо эмиэ күөх сирэмҥэ тахса сырыттылар.  Бу туһунан “Амма олоҕо” хаһыат суруйар.

Сайын саҕаланаатын бастакы сир аһын хомуйа хонууга тахсабыт. Ол курдук, күөх хонууга үүнэр чучунаах луугу хомуйан, тууһаан, хаһаанан сорохтор ырааттылар. Билигин көрдөххө, луук үргүүргэ оруобуна кэмэ буолбут. Эмис нэһилиэгин ытык олохтоохторо, сэрии сылын оҕолоро 89 сааһын туолаары сылдьар Октябрина Дмитриевна Захарова оҕолорун, аймахтарын кытта күөх луугу үргээн хаһаанна. Кинилэр дойдуларыгар, сыллата манна таптаан үүнэр чучунаах луугу үргээн, айылҕаҕа сылдьан астынан киирдилэр. Балта буоста сибээһин бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото, аны күһүн 88 сааһын туолар Вера Дмитриевна Захарова, дьүөгэлэрэ,  от ыйыгар 89 сааһын туолуохтаах Екатерина Николаевна Солдатова эмиэ сир ийэ биэрэр битэмииннээх аһын үөрэ-көтө хомуйдулар, бэркэ сэргэхсийэн сонуннарын үллэһиннилэр.

Үргэммит луугу хайдах хаһаанабыт?

Үгүс уопуттаах дьон этэллэринэн, луугу көннөрү кырбаан, тууһаан баран сөрүүн сиргэ ууран кэбиспэккэ, салапааннарга эбэтэр киэҥ айахтаах быласымаас бытыылкаларга кырбаан уган, тоҥорон кэбиһэр ордук. Тууһаабыт лууккун сибиэһэйдии сиир эмиэ бэрт минньигэс буолар.  Аҕам саастаах дьоммут  курдук хорсуннук, сэргэхтик олоруҥ, сир аһыттан сөбүгэр хаһаанан хаалыҥ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

От былаана 75 бырыһыан туолла

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ 324 тыһыынчаттан тахса туонна от бэлэмнэннэ. Бу былаан 75% тэҥнэһэр. Кыстыкка киирэр…

7 секунд ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар болдьоҕун иннинэ куоластааһын саҕаланна

Билигин суола-ииһэ суох ыраах сытар сирдэргэ болдьоҕун иннинэ куоластааһын бара турар. [gallery ids="238049,238050,238051"] Өймөкөөн улууһун…

35 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга туһалаах дьаарбаҥкалар

Саха сиригэр  байыаннай дьайыы 694  кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн 282 киһи үлэ миэстэтинэн хааччылыннылар.…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Айан суола иччилээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Айаҥҥа хаһан да "бачча чааһынан тиийэбит"  диир сатаммат. "Төһө түргэнник тиийэбитий" диэн…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ураты хоһооннордоох Удьурҕай

Нам улууһун I Хомустааҕын олохтооҕо Алексей  Михайлович Татаринов-Удьурҕай  1983 с. Нам педагогическай училищетын, 2004 с.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Эмтээх үүнээйилэр

Уулаах отон туһата. Отон туһатын туһунан бэрт элбэхтик суруллар. Бүгүн Клара, Петр Токумовтар "Төрөөбүт дойдубут…

3 часа ago