Салгыы
Саха сиригэр “Дьиэ кэргэн улахан өрөбүллэрин” тэрийиэхтэрэ

Саха сиригэр “Дьиэ кэргэн улахан өрөбүллэрин” тэрийиэхтэрэ

15.05.2024, 14:00
Хаартыска: Үлэ министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн,  2024 сыл ыам ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри “Дьиэ кэргэн улахан өрөбүллэрэ” федеральнай бырайыак олоххо киллэриллэр. Бырайыак дьиэ кэргэн араас көлүөнэтин ситимнииргэ ананар.

Бырайыак чэрчитинэн, Саха сиригэр хас биирдии муниципальнай оройуоҥҥа өрөбүл күннэргэ улахан аахсыйалар тэриллиэхтэрэ. Хас да көлүөнэни уонна  оҕолору ситимнииргэ суоттанар култуурунай, аралдьытар, билиини биэрэр, туристыыр тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Тэрээһиннэргэ бириистэр уонна бэлэхтэр оонньонуохтара.

“Дьиэ кэргэн улахан өрөбүллэрин” сыалынан-соругунан сааскы — сайыҥҥы кэмнэргэ өрөбүл күннэргэ  элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр уонна хас да көлүөнэ ыаллар холбоһуктаах сынньалаҥнарын тэрийии буолар.

Умнуллубат түгэннэри үксэтэр уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын харыстыыр туһугар бырайыакка кыттыһыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 77% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: