Саха сиригэр дьиэ таһынааҕы 14 учаастагы тупсарыахтара

Share

Саха сирэ 2024 сылга дьиэ таһынааҕы 14 учаастагы тупсарарга эбии үбү ылыаҕа. Үп  “1000 тиэргэн” бырагыраама чэрчитинэн Дьокуускай куорат уонна өрөспүүбүлүкэ дьоҕус куораттарын эбийиэктэригэр бэриллэр.

Маннык быһаарыы РФ бырабыыталыстыбатын  бэрэссэдээтэлэ – Уһук Илиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин  боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев  салайбыт Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй  сайдыытын боппуруостарыгар бырабыыталыстыба  хамыыһыйатын президиумун түмүктэринэн ылылынна.

«Бу бырагырааманы дьон олус сэргиир, сэҥээрэр. Ол иһин, бырагырааманы салҕыы олоххо киллэриэхпит, Уһук Илин сирин-уотун бэрээдэктиэхпит. Үп сорҕото социальнай уонна инженернэй эбийиэктэри саҥардыыга туттуллуоҕа. Барыта итинник 1600-тэн тахса эбийиэк тутулунна уонна бэрээдэктэннэ”, — диэн Юрий Трутнев мунньаҕы саҕалаата.

Хаартыска: Ил Дархан пресс-сулууспата

Мунньахха кыттыбыт Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр дьиэ таһынааҕы 14 учаастакка дьоҕус пааркалары тупсарыы уонна тэрийии былааннанар. Өрөспүүбүлүкэ муниципалитеттарыгар үбү-харчыны ыларга сайаапкалары бэлэмнээһин үлэтэ барар.

Айсен Николаев дьиэ таһыгар тупсаҕай оҥоһуулаах учаастактар баар буолаллара дьон олоҕун хаачыстыбатын дьиҥ-чахчы тупсарарга көмөлөһөрүн туһунан бэлиэтээн эппитэ. Итинник былаһааккалары тутарга бырайыагы олохтоохтору кытары сөбүлэһиннэрэллэр, кинилэр этиилэрэ уонна баҕалара учуоттанар.

Былырыын  Саха сирэ “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” бырагырааманы олоххо киллэрэргэ  846 мөлүйүөн солкуобайы ылбыта. 37 куоракка уонна сэлиэнньэлэргэ 124 тиэргэн уонна дьоҕус паарка тупсарыллыбыта. 2023 сылга 61 учаастагы уонна дьоҕус паарканы тупсарыы былааннанар, онуоха 429 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ.

СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

38 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…

4 часа ago