Саха сиригэр доруобуйа харыстабылыгар электроннай өҥөнү туттуу үрдүүр
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Саха сиринээҕи мэдиссиинэ информационнай-аналитическай киин үлэтин сүрүннүүр сүбэ мунньаҕы ыытта.
«Саха сирин доруобуйатын харыстабылын иннигэр үлэни тупсарыы уонна дьон электроннай өҥөнөн туһаныыларыгар кыаҕы үрдэтии соруга турар», — диэн премьер бэлиэтээтэ. Бу туһунан СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Саха сирин доруобуйа харыстабылын информационнай-техническэй инфраструктурата биир кэлим цифровой контурга түмүлүннэ. Уопсайа 44 мэдиссиинэ тэрилтэтэ холбонно, онтон 20-тэ куорат уонна 24-дэ оройуоннааҕы. Саҥа лабораториялар чинчийии биир кэлим архыыбыгар холбонон, «Мин доруобуйам» биирдиилээн киһи тус кэбиниэтигэр быһа тиийэр буоллулар. Телемэдиссиинэ нөҥүө ыытыллар консультациялар ахсааннара элбээтэ, ол иһигэр Арктика оройуоннарыгар эмтэниигэ суһал мэдиссиинэ көмөтүн ыларга кыах үөскээтэ.
«Саха сиригэр электроннай өҥөнү киллэриигэ үлэ салгыы барыаҕа. Сүрүн болҕомто өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторугар мэдиссиинэнэн хааччыйыы хаачыстыбатын үрдэтиигэ, ыраах уонна уустук суоллаах-иистээх оройуоннарга ураты болҕомто ууруллуоҕа. Барыбыыталыстыба «Новые технологии здоровья» диэн саҥа национальнай бырайыагы олоххо киллэрэн эрэр, ол сыалынан биомэдиссиинэ уонна сэрэтэр үлэ технологиятын сайыннарыы буолуоҕа. Өрөспүүбүлүкэ саҥа национальнай бырайыак чэрчитинэн цифровой сервистэри олоххо киллэриигэ уонна суһал көмөнү оҥоруу тиһигин тупсарыыны салгыы ыытыаҕа», – диэтэ Кирилл Бычков.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: