Саха сиригэр эбии 18 нэһилиэккэ 4G мобильнай интэриниэт сибээһэ холбонно
Исписэлиистэр өрөспүүбүлүкэҕэ «Сыыппараҕа тэҥэ суох буолууну туоратыы» федеральнай бырайыагынан мобильнай сибээс тарҕаныытын кэҥэтэн биэрдилэр. Билигин хаачыстыбалаах «Мегафон» операторын мобильнай интэриниэтин ыраах сытар улуустарга алта тыһыынчаттан тахса кыра бөһүөлэк олохтоохторо туһаныахтара.
Бу оператор сибээһэ Үөһээ Бүлүү улууһун Быракаан, Бүлүү улууһун Күүлэй, Киров, Күндэ, Кэбээйи улууһун Тыайа, Арыылаах, Кэбээйи, Ленскай улууһугар Чамча, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бырама, Күүкэй, Уус Маайа улууһун Эдьээн, Нам улууһун Хоҥор-Биэ, Сунтаар улууһун Туойдаах, Наахара, Тэҥкэ, Толоон, Чурапчы улууһун Оҕуһур нэһилиэктэригэр холбонно.
Бырагыраамаҕа 100-тэн 500- кэ диэри ахсааннаах олорор сэлиэнньэлэр киирдилэр. Холобур, саамай аҕыйах ахсааннаах Сунтаар улууһун Тэҥкэ сэлиэнньэтэ Дьокуускайтан тыһыынчаттан тахса км тэйиччи аар тайҕаҕа сытар. Бу кэмтэн ыла тыа дьоно бэйэлэрин нэһилиэнньэлээх пууннарыттан тахсыбакка, сыыппара бары өҥөлөрүн туһаныахтарын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: