Саха сиригэр эбии 18 нэһилиэккэ 4G мобильнай интэриниэт сибээһэ холбонно

Share

Исписэлиистэр өрөспүүбүлүкэҕэ «Сыыппараҕа тэҥэ суох буолууну туоратыы» федеральнай бырайыагынан мобильнай сибээс тарҕаныытын кэҥэтэн биэрдилэр. Билигин хаачыстыбалаах «Мегафон» операторын мобильнай интэриниэтин ыраах сытар улуустарга алта тыһыынчаттан тахса кыра бөһүөлэк олохтоохторо туһаныахтара.

Бу оператор сибээһэ Үөһээ Бүлүү улууһун Быракаан, Бүлүү улууһун Күүлэй, Киров, Күндэ, Кэбээйи улууһун Тыайа, Арыылаах, Кэбээйи, Ленскай улууһугар Чамча, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бырама, Күүкэй, Уус Маайа улууһун Эдьээн, Нам улууһун  Хоҥор-Биэ, Сунтаар улууһун Туойдаах, Наахара, Тэҥкэ, Толоон, Чурапчы улууһун Оҕуһур нэһилиэктэригэр холбонно.

Бырагыраамаҕа 100-тэн 500- кэ диэри ахсааннаах олорор сэлиэнньэлэр киирдилэр. Холобур, саамай аҕыйах ахсааннаах Сунтаар улууһун Тэҥкэ сэлиэнньэтэ Дьокуускайтан тыһыынчаттан тахса км тэйиччи аар тайҕаҕа сытар. Бу кэмтэн ыла тыа дьоно бэйэлэрин нэһилиэнньэлээх пууннарыттан тахсыбакка, сыыппара бары өҥөлөрүн туһаныахтарын сөп.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Аллайыахалар хараҥаҕа мэһэйдэппэттэр

Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…

23 минуты ago
  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

1 час ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

1 час ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Мэхээлискэ Батаахап. Булчут Мэхээлискэ.

Булчут Мэхээлискэ туһунан суруйарга сананным. Дьиҥинэн, бука  соччо улаатан баран алтыспатах буоламмын, суруйа да сананыам…

1 час ago