Саха сиригэр элбэх оҕолонуу суолтата үрдүүр
Бу нэдиэлэҕэ парламеҥҥа сэттис (уочараты таһынан) пленарнай мунньах ыытылынна. Бэбиэскэнэн уопсайа 8 боппуруос көрүлүннэ, биир боппуруос салгыы үөрэтиллэринэн, уһулунна.
Бу күн норуот дьокутааттара Саха сиригэр нэһилиэнньэ олоҕун уйгутун тупсарыыга, бырааптарын мэктиэлииргэ, ону сэргэ өйөбүл дьаһалларын үрдэтиигэ элбэх суолталаах боппуруостары дьүүллэстилэр. Чуолаан, өрөспүүбүлүкэбит элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрин ыстаатыһын болдьоҕо суох иҥэрэргэ, дойду субъектарын судаарыстыбаннай былаастарын уорганнарын икки ардыларыгар нэһилиэктэринэн баһаары бохсууга боломуочуйаны араартааһыҥҥа, омук агеннарыгар саҥа хааччахтары киллэрэргэ, Саха сиригэр Олимпиада, Паралимпиада, Сурдлимпиада уонна Үтүө Дьулуур оонньууларын чөмпүйүөннэрин уонна призердарын матырыйаалынай өттүнэн хааччыйыыга төлөбүр кээмэйин улаатыннарарга, о. д.а. боппуруостары көрдүлэр. Кылгастык сүрүн боппуруостары көрүөххэ.
Дьиэ кэргэн ыстаатыһа кэҥиир
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сыла үтүө сонунтан саҕаланна. Парламеҥҥа Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбит элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ыстаатыһын туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоҥҥа уларытыылары киллэриини өйөөтүлэр. Владимир Путин бу сыл тохсунньу ыйын бүтүүтэ дойду бары элбэх оҕолоох ыалларыгар болдьоҕо суох ыстаатыһы федеральнай сокуонунан олохтообута. Ол курдук, саҥа олоххо киирбит сокуонунан бу ыстаатыһы дойдуга үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар бары сүгэр бырааптаахтар. Оттон өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыалларга анаммыт сүрүн сокуон 2019 сыллаахха бигэргэммитэ. Ол кэмҥэ норуот дьокутааттара социальнай өйөбүллэри туһаныыга дьиэ кэргэн улахан оҕото 18 сааһын туолуор диэри дьайар болдьоҕун уһаппыттара.
Дьэ, бу кэмтэн ыла, социальнай өйөбүллэринэн улахан оҕолоро 18 сааһын эбэтэр үөрэх тэрилтэтигэр күнүскү көрүҥүнэн үөрэнэр эбэтэр ыҥырыынан байыаннай сулууспаны бара сылдьар, итиэннэ байыаннай дьайыыга кыттар түгэнигэр 23 сааһын туолуор диэри оҥоһуллуохтара.
Онон, Саха сиригэр үс уонна онтон элбэх оҕолоох 34 тыһ. тахса дьиэ кэргэттэрбит өрөспүүбүлүкэҕэ көрүллэр бары чэпчэтиилэринэн улахан оҕолоро 23 сааһын туолуор диэри хааччаҕа суох, онтон атын, чуолаан, култуура тэрилтэлэригэр, пааркаларга чэпчэтиилэринэн болдьоҕо суох туһаныахтара.
«Ону тэҥэ быйыл муус устар 26 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев элбэх оҕолоох ыаллары өйүүргэ эбии дьаһалларын туһунан Ыйаахха илии баттаабыта. Ол курдук, ОДьКХ төлөбүрүгэр, култуурунай тэрилтэлэргэ сылдьарга чэпчэтиилэр уонна оскуолаларга босхо аһатыы курдук саҥа өйөбүллэр үлэлиэхтэрэ. Саҥа өйөбүллэр бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киириэхтэрэ, итинэн сибээстээн бу сыалга чугастааҕы бүддьүөккэ киирэр уларытыыларынан үп-харчы толору кээмэйинэн көрүллэрин көмүскүөхпүт», — диэн Ил Түмэн Социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова бэлиэтиир.
Омук агеннарыгар хааччахтар олохтоноллор
Дойду үрдүнэн омук агеннарыгар хааччахтар күн ахсын күүһүрэллэр. Бу сыалга Саха сиригэр парламентарийдар нэһилиэнньэ быыбардарга уонна референдумнарга кыттар бырааптарын олоххо киллэриигэ уларытыылары киллэрии туһунан сокуон бырайыагын ылыннылар. Сокуон барылын Ил Түмэн көрүүтүгэр норуот дьокутааттара А. С. Владимиров, А. З. Колодезников, Н. И. Куль-бертинов уонна И. П. Луцкан киллэрдилэр. Уларытыыны киллэрии федеральнай сокуоннарга сөп түбэһиннэрэн оҥоһулунна. Ол курдук, Саха сиригэр омук агеннара араас таһымнаах быыбарга хандьыдаат, хандьыдаат боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ, быыбардыыр холбоһук чилиэнэ буолан кытталлара тохтуур.
Ити курдук, араас таһымнаах быыбарга кыттар хандьыдааттары регистрациялыырга наадалаах докумуоннарыгар омук агенын ыстаатыһа тохтотуллубутун туһунан докумуон ирдэниэҕэ. Итини кытта өрөспүүбүлүкэҕэ омук агена быыбар холбоһуктаах бэрэстэбиитэлинэн буолара эмиэ кыаллыбат.
Санаттахха, бу иннинэ дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин омук агеннарын быыбарга кытталларын бобор туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта. Бу хааччахтар бары таһымнаах быыбардарга сыһыаннаахтар.
Баһаары бохсууга сокуон чуолкайданна
Самаан сайыммыт сатыылаан, куйаас күннэр тураннар, өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаарын балаһыанньата билигин уустугурар. Итинэн сибээстээн, ойуур баһаардарын бохсууга эрдэтинэ федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах сокуоннарга уларытыылары киллэрии эрэйиллэр. Ол курдук, «Баһаарынай куттал суох буолуутун туһунан» өрөспүүбүлүкэ сокуонугар уларытыылар киирдилэр. Сокуон барылын парламеҥҥа нэһилиэнньэлээх пууннарга баһаары умуруорууга боломуочуйалары хааччахтааһын чааһыгар федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн оҥордулар.
Ол курдук, Төрүт Сокуонунан саахалы, алдьархайы, дьаҥы утары охсуһууга дьаһалы ылыы, содулларын туоратыы Арассыыйа Федерациятын уонна кини субъектарын кытта бииргэ үлэлэһиигэ сытар. Онон, бу ылыллыбыт сокуон барылынан баһаары умуруоруу судаарыстыбаннай былаас федеральнай уорганнарын, ону сэргэ дойду субъектарын боломуочуйаларыгар киирэр уонна кинилэр бииргэ үлэлииллэрин чопчулуур. Дьокутааттар сокуон барылын бастакы уонна иккис, бүтэһик ааҕыыга ылыннылар.
Спортсменнары өйүүргэ төлөбүр кээмэйэ улаатыаҕа
Саха сиригэр Олимпиада, Паралимпиада, Сурдлимпиада уонна Үтүө Дьулуур оонньууларын чөмпүйүөннэрин уонна призердарын матырыйаалынай өттүнэн хааччыйыыга төлөбүр кээмэйин улаатыннарарга СӨ Бырабыыталыстыбата Ил Түмэҥҥэ киллэрбит сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар.
Сокуон барыла төлөбүр кээмэйин үрдэтэр сыаллаах уонна Саха сирин спортсменыгар тыыннааҕын тухары ыйын ахсын матырыйаалынай хааччыйыы көрүллэрин сүрүннүүр. Сокуон ылыллар түгэнигэр кылаан чөмпүйүөннэргэ 100000 солк., үрүҥ көмүс призердарыгар 75000 солк., боруонса призердарыгар 50000 солк. харчы ый ахсын ыытыллыаҕа. Бу төлөбүрү анатарга спортсментан Саха сиригэр 15 сылтан итэҕэһэ суох олорбутун бигэргэтэр докумуоннар ирдэниэхтэрэ. Бу сокуону СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова аны күһүн бүтэһик ааҕыыга ылынар наадалааҕын эттэ.
Саха сирин үрдүнэн бу киритиэрийдэргэ сөп түбэһэр 16 чулуу көрдөрүүлээх бастыҥ спортсмен баар, кинилэргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн уопсайа 7,8 мөл. солк. суумалаах төлөбүр оҥоһуллуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: