Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыал ахсаана сыллата элбиир. Өрөспүүбүлүкэ дойду үрдүнэн үрдүк төрөөһүннээх эрэгийиэннэр ахсааннарыгар киирсэр.
2024 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыал ахсаана үс төгүл үрдээн, 34 тыһыынчаны ааспыт. Бу ыалларга барыта холбоон 118 тыһыынча оҕо иитиллэр.
«Саха сирэ Арассыыйаҕа оҕо төрөөһүнүнэн уон бастыҥ көрдөрүүлээх эрэгийиэннэр истэригэр баар, оттон Уһук Илиҥҥэ бастакы сылдьар. Итиэннэ нэһилиэнньэ ахсаана эмиэ элбиир, өлүү-сүтүү аҕыйыыр», — диэн СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистир Елена Волкова иһитиннэрэр.
Санатан суруйдахха, Саха сирин баһылыгын балаҕан ыйынааҕы ыйааҕынан элбэх оҕолоох ыаллары эбии өйүүр миэрэлэр көрүллэллэр. Сэтинньи 4 күнүттэн Дьокуускайга элбэх оҕолоох ыал 1-11 кылаастарга үөрэнэр оҕолоро оптуобуска босхо айанныахтара.
Ааспыт өрөбүлгэ Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгэр Суоппар күнэ үрдүк тэрээһиннээхтик бэлиэтэннэ. Сэбиэскэй Сойуус кэминээҕи бастыҥ…
Бу күннэргэ айылҕа кыыла туртас Бүлүү Эбэҕэ хаайтара сылдьарын ЫБММ сулууспа байыастара быыһаан тэрилтэҕэ киллэрэн…
"Стражи Арктики. Якутские поморы" уонна "Кыталыктаах кырдалым" диэн Саха сиригэр уһуллубут киинэлэр «Арассыыйалыын көрсүһүү. Норуот…
Дьокуускайга ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар суумкатыттан харчыта сүппүтүн туһунан сайабылыанньа суруйбат. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ…
Саха сиригэр ахсынньы бастакы дэкээдэтиттэн саҕалаан өрүс кыһыҥҥы суоллара аһыллыахтара. Суол аһыллыытын уонна сабыллыытын барыллаан…
Биһиги оҕолорбутун сылаас эрэ буоллун диэн таҥыннарбаппыт. Оҕо эмиэ тупсаҕай таҥаһы, муоданы батыһан таҥныан баҕарарын…