Салгыы
Саха сиригэр элбэх оҕолоохтор чэпчэтиинэн болдьоҕо суох туһаныахтара

Саха сиригэр элбэх оҕолоохтор чэпчэтиинэн болдьоҕо суох туһаныахтара

Ааптар:
28.05.2024, 15:30
Хаартыскалар: Боягирдар дьиэ кэргэн архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Парламент сэттис (уочараты таһынан) пленарнай мунньахха норуот дьокутааттара Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбит элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ыстаатыһын туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоҥҥа уларытыылары киллэриини өйөөтүлэр.

Сокуоҥҥа киирэр уларыйыылар дойду Бэрсидьиэнинин саҥа ыйааҕар сөп түбэһиннэрэн оҥоһулунна.

Санаттахха, Владимир Путин бу сыл тохсунньу ыйын бүтүүтэ дойду бары элбэх оҕолоох ыалларыгар болдьоҕо суох ыстаатыһы олохтообута. Саҥа сокуонунан бу ыстаатыһы дойдуга үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар бары ылар бырааптаахтар.

Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыаллар тустарынан сүрүн сокуон 2019 сыллаахха ылыллыбыта. Ол кэмигэр норуот дьокутааттара бу ыстаатыһы дьиэ кэргэн улахан оҕото 23 сааһын туолуор диэри дьайар болдьоҕун уһатан биэрбиттэрэ. Бу кэмтэн ыла элбэх оҕолоох ыалларынан билинэргэ уонна ыстаатыһы сүктэрэргэ болдьоҕо суох ананыаҕа.

Саха сиригэр 34 тыһ. тахса үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыал баар. Бу көрдөрүү сыл ахсын эбиллэн иһэр. Ити курдук, Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыаллар култуура тэрилтэлэригэр, пааркаларга уонна бары көрүллэр чэпчэтиилэринэн болдьоҕо суох туһаныахтара.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: