“Саха сиригэр өҥүрүк куйаас түспүт…”
Бэҕэһээ киэһэ кыыһым кэлэн, кэпсээн-ипсээн барда. Туох эрэ аныгы үйэҕэ үктэммит үһүбүт, Водолей үйэтэ диэн үһү. Туох баар эниэргийэ ибигириирэ үрдээн эрэр үһү. Ол ибигириирэ үрдээбэтэх киһи ыалдьар, өлөр-сүтэр буолбут диир.
Бу алдьархайы!. Ол биһигинньик дьон хантан билиэхпитий, ибигириир эрэ, суох? Өлөр-сүтэр суолбут арылыннаҕа дуу? Онто да суох араас хамсык ыарыылар кырдьаҕастары хомуйан барбыттара эбээт. Бэстилиэнэй тыһыынчабыт чугаһаатаҕа дуу? Хомуньуус оҕонньор өйбөр ол хайдах да батан киирбэт.
Онто да суох аан дойду атыйахтаах уу курдук айманан эрэр ээ. Арах, арах!
Аны туран, үрүҥ Күммүт барахсан эмиэ айманан эрэр быһыылаах, сотору-сотору эстэр, маҕыньыыт сардаҥаларын ыытар аатырар. Ол ыыттаҕын аайы, эмээхсиним хабан ылан, эрэйдэнэр аҕай. Бэйэм да син сытан ылларбын да, киһитэ мин буолан, тулуспахтыыбын. Барыта да биһигинньик дьон үрдүнэн барар буоллаҕа.
Урут дьүкээбили хоту эрэ көрөллөр, тымныы түһээри гыннаҕына көстөр диир буолаллара. Билигин киин улуустарга, бэл, Дьокуускайбытыгар сайыннары көстөр буолла. Дьобуруопаҕа көстөн, дьону дьоллообут үһү. Бэйи, ол эрээри, ити сэрэхтээх, иһэ истээх ээ…
Өтөрүнэн маннык сылаас кыһын буолбутун өйдөөбөппүн. Оо, сэтинньигэ бытарҕан тымныылар да түһэр этилэр. Билигин буоллаҕына, нэһиилэ 20 кыраадыс эрэ, күн бөҕө. Хата, мин чугас эргин сатыы тээтэҥнээн, салгын сиэн абыранным. Оннооҕор били Гидрэмиэткииннэрин тойоно сөхпүт: “Саха сиригэр өҥүрүк куйаас түспүт” диэтэҕэ үһү…
Үйэм уһаан, киһи эҥин эҥини көрөр ээ. Көр, эмээхсиммин дьээбэлээн, мөҕүлүннүм:
– Эмээхсиэн, биһиги да ибигирээн көрөрбүт дуу? Дьонтон хаалсыахпыт дуо?
– Дьэт! Бу оҕонньор эмиэ туох буолла! – диэн охсурҕаланан баран, иһитин хомуйа барбыта.
Кытта кырдьыбыт барахсаным, мин дьээбэлэнэрбин билэр бөҕө буоллаҕа, ити эмиэ оонньоон кыыһырбыта буолар…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: