Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай бүддьүөттэргэ нолуоктан киирии үрдээтэ

Share
Ил Дархан Айсен Николаев уонна федеральнай нолуок сулууспатын Саха сиринээҕи сулууспатын салайааччыта Владимир Софронов нолуоктан киирии көрдөрүүлэрин дьүүллэстилэр.
Өрүттэр эрэгийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сүрүн чахчыларын балаһыанньатын  уонна кэлим нолуок суотун институтун олоххо киллэрии боппуруостарын ырыттылар.
Ол курдук, быйылгы сыл 11 ыйдааҕы түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 146 млрд солкуобай киирдэ. Ол эбэтэр бу көрдөрүү былырыыҥҥы сыл бу кэминээҕэр  18%  эбэтэр 22 млрд солкуобайынан үрдүк. Тохсунньу-алтынньы ыйдарга бүддьүөккэ 17 млрд солкуобай киирбит. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүтээҕэр 12,5% үрдүк.
Маны таһынан, Владимир Софронов Кэлим нолуок суотун (ЕНС) институтун олоххо киллэрии хаамыытын билиһиннэрдэ.
Бу көрүҥ чэрчитинэн нолуогу төлөөһүн биллэ судургутуйар: биир кэмнээх болдьох төрүттэнэр, төлөбүр поручениетыгар икки реквизит олохтонор (ИНН уонна суумма). Пеня ааҕыллыытыгар эмиэ тустаах чэпчэтии көрүллэр буолар.
Хаартыска: Андрей Сорокин (СИА).
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

2 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

57 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

58 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

1 час ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

2 часа ago