Саха сиригэр өртөөһүнү хонтуруоллаан ыыталлар

Share

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ исписэлиистэр хонтуруолларынан күһүҥҥү өртөөһүн саҕаланна.

Бу үлэ  күһүн тымныы эрдэҕинэ ойуур баһаарын бохсор инниттэн ыытыллар. Хонтуруолланар өртөөһүн эһиил от үүнүүтүгэр көмөлөһүөҕэ. Хаппыт оту уоттааһыҥҥа Экология, айылҕаны туһаныы  уонна ойуур  хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ эппиэттээх. Өртөөһүнү «Якутлесресурс» анал үөрэхтээх исписэлиистэрэ ыыталлар. Кинилэр сайыҥҥы кэмҥэ ойуур баһаарыгар сылдьар буолан, анал быраабылаҕа олоҕуран хагдарыйбыт оту уоттууллар. Исписэлиистэр үлэни саҕаланыаҕыттан бүтүөҕэр диэри хонтуруоллаан ыыталлар.
Өртөөһүнү балаҕан ыйын 29 күнүгэр Хаҥалас улууһуттан саҕалаатылар. «Бааһыннаах» диэн сиргэ 300 га сири  өртөтүлэр. «Якутлесресурс» тэрилтэ үлэһиттэрэ  бүтэһик кыым умуллуор диэри кэтээтилэр.
Хаар түһүөр диэри өртөөһүнү өрөспүүбүлүкэ өссө 16 ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр ыытыахтара. Ол курдук, өртөөһүҥҥэ Амма, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Бүлүү, Горнай, Өймөкөөн, Нам, Ньурба, Өлүөхүмэ, Кэбээйи, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы улуустара хабыллыахтара. Лесничестволарга ыытыллар хаппыт оту уоттааһын иэнэ 300-600 га. Уопсайа өрөспүүбүлүкэҕэ – 6,6 тыһыынча га.
Өртөөһүн дойдуга 2015 сылтан бобуулаах. Онон  исписэлиистэр күһүн тымныы уонна сииктээх, ардахтаах кэмҥэ тус бэйэлэрэ хонтуруоллаан ыыталлар.
Бу  туһунан СӨ Аҕа баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

40 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” пуорумҥа эдэр чинчийээччилэр 250-тан тахса дакылааты киллэрдилэр

Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Зеленскэйдээх кэпсэтиигэ хайдах тиийэллэрин туруорсаллар

Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.  

2 часа ago