Саха сиригэр өссө эбии 19 ойуур баһаара умуруорулунна

Share

Саха сиригэр бүгүн 59,5 тыһыынча га иэннээх сиргэ 19 ойуур баһаара умуруорулунна. Бу кэмҥэ 5 гектар иэннээх сиргэ өссө биир саҥа уот турбута билиннэ. Бу туһунан тыаны уоттан харыстыыр суһал ыстаап мунньаҕар иһитиннэрдилэр.

Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев этэринэн, Саха сиригэр барыта 132 ойуур баһаара турбута биллэр. Мантан 37 тыһыынча га иэннээх сиргэ 9 ойуур баһаара бохсулунна, ол иһигэр Өлүөхүмэ заповеднигар.

Баһаары умуруорууга 1708 киһи үлэлиир уонна 131 тиэхиньикэ туһанылынна. Авиация үлэлиир. Авиапатрульга 14 суудуна, уоту умуруорууга 10-тан суудуна үлэлээтэ. «Полярные авиалинии»  АХ Ан- 26 «Атмосфера» зондировщик-сөмөлүөтэ Үөһээ Дьааҥыга, Усуйаанаҕа уонна Абыйга туһаныллыбыта.

Ордук уустук быһыы-майгы Абый, Үөһээ Бүлүү уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар бэлиэтэнэр — ойуур баһаардара нэһилиэнньэлээх пууннартан чугас бааллар. Ыытыллар үлэлэр көмөлөрүнэн уот тарҕаныыта тохтотулунна.

Абый улууһугар 50 баһаарынай уонна быыһааччы ыытылынна. Бөлөхтөргө арахсан, Белай Гора уонна Киэҥ Күөл нэһилиэктэригэр чугас ойуур баһаардарын умуруоруохтара. Үлэни СӨ Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга миниистирэ Дмитрий Лепчиков салайар.

Үөһээ Бүлүү улууһугар 8 ойуур баһаарын бохсоллор, манта 5-һэ бөһүөлэктэргэ чугаһаабыт. Улуус баһылыга Валерий Николаев иһитиннэриитинэн, сорох баһаары умуруорууга күүс тиийбэт, итинэн сибээстээн Уус Маайа улууһуттан ойуур баһаарын бохсууга үлэлээбит 50 Тюмень парашютистарын уонна десантниктарын ыытарга быһаарыы ылылынна.

Өлүөхүмэ улууһугар 23 ойуур баһаарын салгыы умуруораллар, мантан ааспыт сууккаҕа түспүт ардах кэнниттэн тохтуура күүтэллэр. Миэстэтигэр оройуон баһылыга Николай Харбин эппитинэн, 500-тэн тахса киһи үлэлии хаалла.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр сарсыарда 150 ойуур баһаара уонна 3 ландшафтнай уот турбута биллибитэ. Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай таһымнаах ЫБМ эрэсиимэ салгыы үлэлиир. Олохтоох таһымыгар ЫБМ эрэсиимэ Үөһээ Дьааҥы, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ленскэй, Уус Маайа, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар биллэриллибитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago