Саха сиригэр өссө түөрт аэропорт саҥардыллыа
Бэрэсидьиэн национальнай бырайыагын иитинэн Саха сиригэр өссө түөрт аэропорду саҥардан оҥоруохтара.
Москваҕа «Тырааныспар нэдиэлэтигэр» Саха сиригэр аэропорт комплекстарын салгыы саҥардан оҥоруу туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна салгын тырааныспарын Федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччы Дмитрий Ядров дьыалабыай көрсүһүүгэ кэпсэттилэр. Үлэ «Развитие опорной сети аэродромов» бырайыак иитинэн ыытыллар.
Былаан быһыытынан, 2028 — 2030 сылларга өссө түөрт аэропорт саҥардыллыа. Бу Зырянкаҕа, Маҕаҥҥа, Ньурбаҕа уонна Полярнайга (иккис уочарат). Үбүлээһин кээмэйэ этиллэринэн 15 млрд.солк. тахса буолуоҕа.
Ил Дархан Айсен Николаев уонна Дмитрий Ядров, чуолаан, Зырянкаҕа үлэни түргэтэтэргэ кэпсэттилэр. Ону атын локацияҕа көһөрөр кыаҕы ырытыахтара. Бырайыактааһын саҕаланыытын 2028 сылтан эрдэтээҥҥи болдьоххо көһөрүүнү көрүөхтэрэ диэн иһитиннэриигэ этиллэр. Көрсүһүүгэ Дьокуускайдааҕы авиационнай тэхиньиичэскэй училище дьиэтин тутуу туһунан, уо.д.а. кэпсэттилэр.
Санатан эттэххэ, магистральнай инфраструктураны модернизациялааһын кэлим былаанынан, өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники биэс сылга 14 аэропортан уон, Дьокуускай, Сангаар, Нерюнгри, Хаандыга уо.д.а. эбийиэктэри киллэрэн туран, саҥалыы уларытыллан оҥоһулунна.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: