Салгыы
Саха сиригэр этиҥнээх ардах, инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр

Саха сиригэр этиҥнээх ардах, инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр

Ааптар:
14.06.2024, 07:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Үлэ нэдиэлэтин бүтэһик күнүгэр Саха сирин синоптиктара киин улуустарга куйаас күнү, соҕуруу этиҥнээх ардах, хоту сорох сиринэн инчэҕэй хаардаах ардах түһэрин сылыктыыллар.

Саха сиригэр үгүс өттүгэр сөҥүүтэ суох, хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа этиҥнээх быстах ардах, арҕаа Арктика оройуоннарыгар сорох сиринэн инчэҕэй хаардаах ардах түһүөҕэ.

Кыратык тыалырыа, этиҥнээх ардах түстэҕинэ хоту муора кытылынан сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15-20 м/с түргэннээх күүстээх тыаллаах.

Салгын температурата түүн +8+13°С, илин былыта суох буоллаҕына 0,+5°С. Күнүс киин улуустарга, арҕаа +23+28°С кыраадыс куйаас, хотугулуу-арҕаа +10+15°С, хотугулуу-илин +19+24°С, хоту муора кытылынан 0,+5°С.

Дьокуускайга сөҥүүтэ суох буолара күүтүллэр, соҕурууттан сөкүүндэҕэ 2-7 м/с түргэннээх тыаллаах. Салгын температурата түүн +8+10°С, күнүс +10+15°С кыраадыс сылаас.

+1
2
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: