Саха сиригэр этиҥнээх ардах, инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр
Үлэ нэдиэлэтин бүтэһик күнүгэр Саха сирин синоптиктара киин улуустарга куйаас күнү, соҕуруу этиҥнээх ардах, хоту сорох сиринэн инчэҕэй хаардаах ардах түһэрин сылыктыыллар.
Саха сиригэр үгүс өттүгэр сөҥүүтэ суох, хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа этиҥнээх быстах ардах, арҕаа Арктика оройуоннарыгар сорох сиринэн инчэҕэй хаардаах ардах түһүөҕэ.
Кыратык тыалырыа, этиҥнээх ардах түстэҕинэ хоту муора кытылынан сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15-20 м/с түргэннээх күүстээх тыаллаах.
Салгын температурата түүн +8+13°С, илин былыта суох буоллаҕына 0,+5°С. Күнүс киин улуустарга, арҕаа +23+28°С кыраадыс куйаас, хотугулуу-арҕаа +10+15°С, хотугулуу-илин +19+24°С, хоту муора кытылынан 0,+5°С.
Дьокуускайга сөҥүүтэ суох буолара күүтүллэр, соҕурууттан сөкүүндэҕэ 2-7 м/с түргэннээх тыаллаах. Салгын температурата түүн +8+10°С, күнүс +10+15°С кыраадыс сылаас.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: