Саха сиригэр бэс ыйын 17 күнүттэн 21 күнүгэр диэри физическэй өттүнэн көхтөөх буолуу наадатын туһунан иһитиннэрэр нэдиэлэ саҕаланна.
Нэдиэлэ устата нэһилиэнньэ ортотугар сэрэтэр үлэни ыытар туһуттан телебиэриилэр, хаһыаттарга ыстатыйалар, араадьыйаҕа эпиирдэр тахсыахтара.
Билиҥҥи кэмҥэ куорат олохтооҕун эт-сиин өттүнэн ноҕорууската ааспыт үйэлэри кытта тэҥнээтэххэ 50 төгүл аччаата. Дьон хамсаабакка олорор буолан, кинилэргэ гиподинамия сайдан, сүрэх-тымыр, уойуу, саахарнай диабет, остеопороз уод.а. ыарыыларыгар тиэрдэр.
Киһи хамсаннаҕына хаана эргийэр, ол уорганнарыгар бүтүннүүтүгэр үчүгэйдик дьайар: сүрэххэ, тыҥаҕа, тымырдарга, былчыҥ систиэмэтигэр. Эрчиллэр киһи сэниэлээх, тулуурдах, чэгиэн буолар.
Успуордунан дьарыктаныы, сибиэһэй салгыҥҥа эрчиллиилэри толоруу уонна сөпкө тыыныы киһи бары уорганнарын кислородунан хааччыйар, сүрэх уонна тыҥа үлэтигэр көмөлөһөр, туруккун өрө көтөҕөр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…