Саха сиригэр гааһы бастакынан арыйбыт киһиэхэ наҕараадатын уолугар туттардылар

Share

Алтынньы 18 күнүгэр Дьокуускайга “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ Саха сиригэр гааһы аан бастакынан арыйбыт Николай Алексеевич Яковлев 100 сылыгар аналлаах көрсүһүү буолла. Бу туох киһиний, хаһан, ханна гааһы аан бастаан булбутай?

Хаартыска: Виктор Эверстов.
Хаартыска: Виктор Эверстов.
Хаартыска: Виктор Эверстов.

Николай Яковлев Амма Бөтүҥүттэн төрүттээх, Таас Тумуска баар Кэбээйитээҕи балык собуотугар үлэлээбит.  Балык собуотун 1949 сыл кулун тутар 17 күнүнээҕи 16 №-дээх бирикээһинэн кинини Бүлүүтээҕи учаастакка балыгы тууһуур маастарынан анаабыттар. 1950 сыл сайыныгар, күһүнүгэр Бүлүү өрүс төрдүгэр балыктыы сылдьаннар, Бөргөттө боротуохатыгар (Собо Хайа арыыта) уонна Ойуун Хайа аннынан(Промышленнай бөһ.) баар Өйүмэ күөлгэ кини уу үрдүгэр салгын хабахтара булдьугураан тахсалларын бэлиэтии көрбүт. Бу туһунан 1950 сыллаахха ахсынньы 31 күнүгэр Саха сиринээҕи геологическай управлениеҕа сурук суруйар.

Сонно тохсунньу 10 күнүгэр харда сурук кэлэр, онно 0,5 лиитэрэлээх бытыылкаҕа уу уонна гаас боруобатын хайдах ылар туһунан ыйаллар, ону тэҥэ туой уонна боруодалар образецтарын ыытарыгар көрдөһөллөр. Өйүмэ күөлүттэн уонна Бөргөттө боротуохатыттан ууларын ылан, Дьокуускайга баһыылкалаан ыытар. Бу гаас боруобаларын Дьокуускайга ЯФАНИ уонна Ленинградка ВСЕГИ лабаратыарыйаларыгар бэрэбиэркэлииллэр.

Өссө 1951 сыл тохсунньу 28 күнүгэр управление салаатын начаалынньыга Калашников киниэхэ эппит: “Бастакы арыйааччыны наҕараадалыыр туһунан суругу Управление аадырыһыгар суруйан ыытаар”.

1952 сыл кулун тутар 21 күнүгэр Николай Яковлев гааска ыыппыт сайаапкатыгар ССРС МГ ЯГГУ кылаабынай геолога Бобров А.К. уонна заявочнай партия начаалынньыга, тиэхиньик-геолог Платонов С.С. илии баттааһыннаах официальнай бигэргэтиини туппут: “Кулун тутар 21 күнүгэр 1952 сыллаахха ССРС Геология министиэристибэтэ Саха сиринээҕи судаарыстыбаннай геологическай управлениета иһитиннэрбитинэн, эн сайаапкаҕынан  Өйүмэ күөлүгэр уонна Бөргөттө боротуохатыгар гааһы бэрэбиэркэлээһин түмүгэ таҕыста. Бэрэбиэркэ көрдөрбүтүнэн Бөргөттө боротуохатыгар гаас быыһылаан тахсара билиннэ, Өйүмэҕэ көстүбэтэ. Биһигини кытта сибээскин быһыма, биһиги дойдубут бырамыысыланнаһыгар туһалаах буолуон сөп руудалары, минераллары уонна боруодалары ыыта тур.

Управление кылаабынай геолога Бобров А.К., заявочнай партия начаалынньыга хайа тиэхиньигэ Платонов С.С.”

Николай Яковлев ыыппыт боруобаларын түмүгүнэн 1952 сыллаахха ЯГГУ Саха АССР-га ньиэби-гааһы көрдүүр үлэтэ саҥа хайысханы тутуспута. 1956 сыллаахха Бүлүү өрүс төрдүгэр гаас тоҕо тэбэн тахсыбыта. 1967 сыллаахха Таас Тумус – Бөргө — Дьокуускай магистральнай газопроводынан күөх төлөн киин куоракка кэлбитэ.

Алтынньы 18 күнүгэр 72 сыл буолан баран, гааһы арыйбыт Николай Яковлевка “Бастакы арыйааччы” быһыытынан бэриллиэхтээх бэлиэни оҕолоругар туттардылар.

Бэйэтин Таас Тумус 1 №-дээх гражданинабын дэнэр СӨ норуодунай суруйааччыта Владимир Федоров бу тэрээһиҥҥэ түбэһэ түһэн тыл эттэ:

“Скважинанан аан бастаан гаас тахсан, күп-күөх төлөн уһууран тахсыытыгар мин 5 саастаах этим. Ол эрээри бу түгэн мин өйбөр үйэм тухары хатанан хаалбыт. Билиҥҥэ диэри бу баардыы өйдүүбүн, биһиги, оҕолор, таһырдьа сүүрэн тахсыбыппыт, онно ынырыктаах улахан факел уһуура турарын көрбүппүт. Дьэ бу мантан саҕаламмыта, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ньиэп-гаас бырамыысыланнаһын сайдыыта. Гааһы бастакынан арыйааччынан олох боростуой киһи буолбута, геолог да, анал үлэһит да буолбатах, сопхуоһунан үлэлиир киһи. 70-ча сыл буолан баран, наҕараада бэйэтин дьоруойун булбута үөрүүлээх. Барыгытын бу дьоһуннаах сабыытыйанан эҕэрдэлиибин уонна өрөспүүбүлүкэҕэ гаас-ньиэп бырамыысыланнаһа саҕаланыытыгар биһиги биир дойдулаахпыт олук уурсубута өссө төгүл үөрүүлээх”.

What’s your Reaction?
+1
10
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

11 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

11 часов ago