Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин 1967 сыл сэтинньи 14 күнүнээҕи уурааҕынан Дьокуускай уонна Алдан куораттарга гаас оттугу туһаныыга анаан “Якутскмежрайгаз” трест тэриллибитэ. “Бу күн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр гаас хаһаайыстыбата төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар уонна быйыл 55 сылын туолла”, – диир трест бастакы управляющайа, сахаттан гаас инженерин идэтин бастакынан баһылаабыт Лазарь Филиппов.
Гаас инженерин идэтин талбыта дьикти
Лазарь Степанович 80 сааһын лаппа аастар даҕаны, өйө-санаата дьэҥкэ, бэйэтэ тэтиэнэх. Кини В.В.Куйбышев аатынан Москубатааҕы тутуу инженердэрин институтугар туттарсан үөрэнэ киирбитин күн бэҕэһээ курдук өйдүүр. Үөһээ Бүлүү уһук нэһилиэгэр, Сургуулукка, төрөөбүт-үөскээбит оҕо оччолорго гаас диэн туох харамайын харахтаабакка даҕаны сылдьан, Исидор Барахов аатынан Үөһээ Бүлүү орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрэригэр гаас инженерин идэтин талбыта дьикти этэ.
Биир түөлбэлээҕим туһунан оҕо эрдэхпиттэн истэн-ааҕан билэрбинэн уонна кэлин бэйэтин кытта элбэхтик сэһэргэспиппинэн сирдэттэхпинэ, ол төрдө-төрүөтэ Лааһар бэрт кыһалҕалаахтык улааппыт оҕо сааһыгар тириэрдэрэ саарбаҕа суох. Сэрии-сут сылларыгар, Сургуулуктан кыргыс хонуутугар тиийэн охтубут, сураҕа суох сүппүт 50-ча буойуну таһынан, нэһилиэккэ оҕолуун-уруулуун 150-ча киһи хоргуйан-ыалдьан өлбүтэ. Икки-үс эрэ саастаах кыракый уолчаан ити испииһэккэ кэбэҕэстик киириэҕин ийэтэ Мотуо кыһыҥҥы бытарҕан тымныыларга салаасканан соһо сылдьан, ыалтан ыалга хонуктаан, үрүҥ тыынын өрүһүйбүтэ.
Онон Лазарь Степанович тыйыс тымныыга сырай оһох сылааһын уонна дьон сылаас сыһыанын суолтатын оҕо эрдэҕиттэн сыаналыы улааппыта. Кини Саха сиригэр айылҕа гааһа көстүбүтүн, дьиэни-уоту сылытар абыраллаах оттук быһыытынан туттулларын туһунан оскуола үрдүкү кылаастарыгар үөрэнэр сылларыгар хаһыакка сэдэхтик тахсар ыстатыйалартан ааҕан билбитэ. Итинник түгэннэргэ дьонун-сэргэтин сылааһынан угуттуур баҕа санаа кыыма саҕыллыбыт буолуохтаах. Ол даҕаны иһин, тулаайах ийэлээх оҕо тугу да быраҕан туран, олох-дьаһах ыараханын аахсыбакка, үрдүк үөрэххэ туруннаҕа. Күн аайы күүстээх үөрэх кэнниттэн успуорт саалатыгар дьарыктанара: ССРС чөмпүйүөнэ Чибичьян дьаһымыр уҥуохтаах уолу таба көрөн, көҥүл тустууга эрчийбитэ. Сарсыарда 6 чаастан хайаан даҕаны сэрээккэлии сүүрэрэ уонна 7 чаастан метроҕа олорон, үөрэҕэр айанныыра.
Оччолорго устудьуон Лазарь Филиппов 35 солкуобай истипиэндьийэни ылара. Онтун тастан көмөтө суох уол уопсайга олоруу, бырайыас төлөбүрдэрин кытта туох баар ороскуотугар биир ыйга “ууннары тардан” тириэрдэр мөккүөрүгэр сылдьара, 20 харчыга биир бытыылка кефир уонна 7 харчыга буулка атыылаһан, киэһэ-сарсыарда үссэнэрэ. “Бастакы сылбар остолобуойга босхо бэриллэр килиэп абыраабыта. Онтон 1961 с.
курааннаан, бурдук үүммэккэ, төлөбүрдээх буолбута. Ол иһин, үрдэтиллибит истипиэндьийэни ыллахпына эрэ аччыктаабат балаһыанньалааҕым. Салгыы дьаныһан туран туйгуннук үөрэнэн, 41 солкуобай истипиэндьийэлэммитим”, – диэн кэпсиир Лазарь Степанович. Дьэ, ити курдук эдэриттэн эрэй эрчийэн, бэйэтин харыстаммакка, кытаанах дьиссипилиинэнэн, эҥкилэ суох бэрээдэгинэн бэлэмнээн, тэрийээччи-салайааччы буолар хаачыстыбаларын чочуйбут эбит.
“Лааһар, эйигин Дьокуускай куораты гаастааһын
үлэтэ күүтэн турар”
Төрдүс кууруска үөрэнэ сырыттаҕына, Саха АССР бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Г.С.Фомин ыҥыран ылан: “Лааһар, эйигин Дьокуускай куораты гаастааһын үлэтэ күүтэн турар. Онон, өрөспүүбүлүкэбит Миниистирдэрин Сэбиэтэ Москуба куорат Сэбиэтин кытта кэпсэтэн, диплом иннинээҕи быраактыкаҕын Москуба холобурга сылдьар гаас хаһаайыстыбатыгар барар буоллуҥ”, – диэбитэ. Сотору кэминэн исписэлиис буолаары сылдьар эдэр киһини үрдүк уонна намыһах баттааһыннаах гаас ситимин сыаҕар маастарынан, онтон прорабынан анаабыттара. Сыл аҥаарын устата “Мосгаз” атын сыахтарыгар кытта быраактыкаланан, идэтин ис дьиҥин сиһилии билбитэ-билсибитэ. Оробуочай кылаас үлэһит уолу сөбүлээн, дипломун ыллаҕына начаалынньыгынан кэлэригэр ыҥырбыта. Оттон дипломнай үлэтин туппут хамыыһыйа институкка аспирантураҕа киирэргэ мэктиэлээбитэ.
Ол гынан баран, сахаттан маҥнайгынан гаас оттук инженерин идэтин ылбыт эдэр исписэлиис, эрдэттэн кэпсэтии быһыытынан, дойдутун дьонун итэҕэллэрин толоруохтааҕын инники туппута. Лазарь Филиппов 1965 с. Дьокуускайга кэлэригэр хас сүүс миэтэрэ ахсын Хаҥалас таас чоҕунан оттуллар чугуун хочуоллар үлэлии тураллара. Биир да миэтэрэ гаас ситимэ тардылла илигэ. Эдэр инженери тутулла турар гаас хаһаайыстыбатын дириэктэринэн анаабыттара уонна Улуу Өктөөп 50 сылын көрсө киин куораты гаас оттукка бэлэмнииргэ сорук туруорбуттара. Онно сөптөөх тутуу тэрилтэтэ уонна каадырдар суохтара.
200 олохтоох ыччаты
Саҥа салайааччы өрөспүүбүлүкэ Госпланыгар бастакынан гаас хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин сакаастаабыта. Челябинскайга уонна Свердловскайга РСФСР Главгааһын куурустарыгар 200 олохтоох ыччаты ыыппыта. Дьокуускай куораты гаастааһыны сүрүн бырайыактааччы Саратовтааҕы “ГИПРОНИИГаз” институкка тиийэн кэпсэтэн, “Якутгражданбырайыак” институт иһинэн бырайыактааччылар бөлөхтөрүн тэрийбитэ. Сотору кэминэн “Уралгазстрой” трест СМУ-5 тэрилтэтэ аһыллан, онно сүрүннээн дириэксийэ куурустарга бэлэмнэппит исписэлиистэрэ үлэлии киирбиттэрэ. Саратовтааҕы гаас хаһаайыстыбатыттан 1966 с. Геннадий Гурьяновы ыҥыран аҕалан, кылаабынай инженеринэн анаабыта. Онтон Куйбышевтааҕы политехническай институту бүтэрбит, ньиэби-гааһы хостуур тэриллэргэ мэхээнньик-инженер идэлээх Валерий Иванову уонна Александр Лукины ыҥыран киллэрбитэ.
“Сөптөөхтүк дьаһайбыппын”
“Сөптөөхтүк дьаһайбыппын олох бэйэтэ көрдөрбүтэ: эдэр инженердэр Филиппов, Гурьянов, Иванов, Лукин ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар гаас хаһаайыстыбатын олохтообуппут. Биһиги эдэр, дохсун буоламмыт былааммыт баһырхай этэ. Гааһы ситим тардан киллэрии эрэйдээҕин билэр этибит. Ол иһин, убаҕас гааһы эспэримиэннээн, Алдан куораты гаастааһыны тэҥҥэ саҕалаабыппыт. Биллибэтэ, мунааҕа элбэх этэ. Онно институттааҕы чинчийэр үлэм туһалаабыта: 1968 с. ойуччу турар чааһынай дьиэҕэ гаас тэриллэрин уонна кирпииччэ оһоҕу гаас горелкатыгар көһөрөн, буруобалаабыппыт – айылҕа гааһын олоххо-дьаһахха куттала суох туһаныахха сөбүн бигэргэппитэ. Ол кэмҥэ Дьокуускайга таһырдьа 64 кыраадыс тымныы халлаан турбута”, – диэн кэпсиир Лазарь Степанович.
7 сыл быһаччы салайсыбыта
Лазарь Филиппов 1967-1969 сс. Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин уурааҕынан тэриллибит “Якутскмежрайгаз” трест управляющайынан, 1969-1971 сс. олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччынан – кылаабынай инженеринэн ананан үлэлээбитэ. Лазарь Степанович онон гаас хаһаайыстыбатын сайыннарыыны 7 сыл быһаччы салайсыбыта. Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар гаас оттугу киллэрии олоҕун уурбут, сайдыыны түстээбит салайааччы кэлин гаас хаһаайыстыбатын ньиэби кытта умньаан кэбиһэннэр, Саха сирэ гаас хаһаайыстыбатын күнэ суох хаалбытыттан мунчаарар. Бэл диэтэр, быйыл гаас хаһаайыстыбата төрүттэммитэ 55 сыла туоларын балаҕан ыйын 2-гэр, Гаас уонна ньиэп бырамыысыланнаһын үлэһиттэрин күнүгэр, бэлиэтээбитэ буоллулар уонна төрдүгэр турар дьон ааттарын ахтыбатылар даҕаны…
“Саха сиригэр гаас хаһаайыстыбатын төрүттээбит инженердэртэн соҕотох мин тыыннаах хаалан, чыып-чаап дии сылдьабын. Орто дойдуга букатын кэлбит киһи диэн суох. Гаас оттукка сыһыаннаах, идэтийбит дьон, исписэлиистэр биһигини, бастакылары, син биир ааттыахтара, “таастары хомуйар кэм кэлиэҕэ””, – диэн философия билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Лазарь Степанович Филиппов олоҕу бөлүһүөктүү көрүүтүнэн дьоҕус бэлиэтээһиммитин түмүктүүбүт.
Василий Боескоров.
Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ааҕааччыбыт Анастасия Захарова ийэ, аҕа, оҕо, дьиэ кэргэн туһунан…
Бэҕэһээ, сэтинньи 25 күнүгэр, Өлүөнэ өрүскэ Аллараа Бэстээххэ баар тимир суол вокзалын кэтэһэр пуунуттан 1200…
“Саха сиригэр сэтинньи бүтүүтэ күн-дьыл туруга уларыйа сылдьыа уонна халлаан сылаас буолуоҕа. Бу туһунан СИА-ҕа…
Дьокуускайга сэтинньи 27 күнүгэр национальнай многоборье федерациятын Кубога аан бастаан ыытыллыаҕа. Онно "Дыгын ооньууларын" сулустара…
Кэбээйи оройуонун борокуратуурата тыатааҕыны көҥүлэ суох бултааһыҥҥа уонна да атын буруйу оҥоруулар тустарынан холоуобунай дьыалаҕа судаарыстыбаннай…
Бүгүн Росморфлот Экспертнэй сэбиэтэ 2024 с. навигацияны түмүктүүр мунньаҕы ыытта. Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Чукотскай автономнай…