Саха сиригэр генетика ыарыыларын дьүүллэстилэр
Дьокуускай куоракка «ДНК-тиэскэ Саха сиригэр ыарыы көстүүтүн уратылара» диэн «төгүрүк остуол» буолла.
«Төгүрүк остуолга» мэдиссиинэ наукатын доктора, бэрэпиэссэр, РНА кэрэспэдьиэн-чилиэнэ Евгений Имянитов кытынна.
Тэрээһин кыттыылаахтарын уонна ыалдьыттары СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева эҕэрдэлээтэ.
«Чинчийиилэр молекулярнай-генетическэй ньымалара аныгы мэдиссиинэ наукатын уонна доруобуйа харыстабылын систиэмэтин быстыспат сорҕотунан буолаллар. Бүгүҥҥү бырагыраама мэдиссиинэ уопсастыбатыгар интэриэһинэй, онон көрүллэр боппуруостар улахан сыаннастаахтарыгар эрэнэбин. Евгений Наумовиһы кытары бииргэ үлэлээһиммитинэн биһиги нэһилиэнньэбит доруобуйатын харыстабылыгар улахан чинчийиилэри ыытабыт«, – диэтэ миниистир.
Евгений Наумович: «Хас биирдии омук ураты генетическэй ыарыылаах. Онтон Саха сирэ аҕыйах ахсааннаах киһилээҕинэн уонна ыраах олорорунан сибээстээн, утумунан бэриллэр ыарыылар элбэхтик көстөллөр. Холобур, холбоһуктаах боруобалыыр чинчийиилэр түмүктэринэн, элбэх геннаах утумунан бэриллэр ыарыы сайдарыгар эппиэттиир мутациялар 27 уонна «ген-хандьытаакка» мутация 16 көрүҥнэрэ булулунна. Ону таһынан 5 «сэдэх» потенциальнай суолталаах мутация быһаарылынна. Бу чинчийиилэр өссө да салҕаныахтара», -– диэтэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ генетика чинчийиилэрэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһаҕа — М.Е.Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинин баазатыгар, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Мэдиссиинэ институтун «Молекулярнай мэдиссиинэ уонна киһи генетиката» научнай-чинчийэр лабораторияҕа, Онкология диспансерыгар ыытыллаллар.
Манна даҕатан эттэххэ, «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн былырыыҥҥыттан саҥа төрөөбүт кырачааннарга киэҥ хабааннаах неонатальнай скрининг оҥоһуллар. Ол түмүгэр утумунан бэриллэр ыарыы эрдэ быһаарыллар.
Киэҥ хабааннаах неонатальнай скрининг бырагыраамата дойдуга 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕаламмыта. Кырачаан төрөөбүтэ бастакы күннэригэр ылыллыбыт хаан анаалыһыттан, төрүүрүгэр уонна утумунан бэриллибит ыарыылары саҥа сайдар кэмнэригэр быһаараллар. Утумунан бэриллэр 36 ыарыыны чинчийии былырыыҥҥыттан ыытыллыбыта. Скрининг ыарыыны эрдэ булар уонна эмтэниини суһаллык саҕалыыр туһугар ыытыллар. Ити төрүүллэригэр ыарыылаах кэлбит кырачааннар олохторун хаачыстыбата биллэ тупсарыгар көмөлөһөр, инбэлииккэ тахсыы уонна өлүү кутталын аҕыйатар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: