РФ 2025-2027 сыллардааҕы үс сыллаах бүддьүөтүн бырайыагар Саха сиригэр геология чинчийиилэригэр 18 млрд солкуобайы (26 кэскиллээх эбийиэк) ыытарга торумнууллар.
Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустан Борисов Ил Түмэҥҥэ парламентскай истиилэр кэмнэригэр иһитиннэрдэ.
Маннык суума эрэгийиэҥҥэ “Геология: возрождение легенды” федеральнай бырайыак чэрчитинэн минеральнай-сырьевой баазаны тэтимнээхтик үүннэриигэ Саха сирэ пилотнай эрэгийиэн статуһун ылбытынан көрүлүннэ. Бу Саха сирин Ил Дарханын Айсен Николаев көҕүлээһинин Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөбүтэ.
Бүгүн Саха сирин сирин-уотун 24 бырыһыана геологическай өттүнэн үөрэтилиннэ. Сир баайдаах сири үөрэтии намыһах таһымыгар бу үлэлэри саҕалааһыҥҥа ситэ үбүлэммэтэ, эрэгийиэннээҕи уонна көрдүүр үлэлэр икки ардыларыгар араастаһыы сабыдыаллаабыт, ити түмүгэр кэскиллээх сири-уоту бэлэмнээһин ыытыллыбат.
“Сыллата геологическай-чинчийэр үлэлэри үбүлээһин 50 млрд солк. тэҥнэһэр, ол иһигэр 46 млрд солкуобайы сир баайын туһанааччылар бэйэлэрин үптэринэн хааччыйаллар. Итилэртэн19 млрд солк. – кытаанах туһалаах баайдарга, 27 млрд солк. – углеводороднай сырьеҕа. 4 млрд солк. кэриҥин федеральнай бүддьүөт биэрбит, 100 мөл солк. – эрэгийиэн”, — диэтэ Дьулустан Борисов.
Кини этэринэн, 2023 сыл түмүгүнэн хостуур тэрилтэлэр Саха сирин бүддьүөтүгэр 145 млрд солкуобай нолуогу киллэрбиттэр, ол судаарыстыбаннай бүддьүөт нолуокка уонна нолуога суох дохуоттарын 55,2 % тэҥнэһэр
Бүгүн Саха сиригэр 1 498 хостооһуҥҥа лиссиэнсийэ баар, ол иһигэр 539 – федеральнай учаастактарынан туһалаах баайдары чинчийиигэ уонна хостооһуҥҥа, 959 – олохтоох суолталаах баайдаах сири чинчийиигэ уонна хостооһуҥҥа, ону тэҥэ 329 сэлии фаунатын хомуйууга.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыска: Василий Кононов, Ил Түмэн
Арассыыйатааҕы ыччат сойууһа тэрийбит нэһилиэк креативнай эйгэлэрин икки ардыларынааҕы #АРТвСело күрэс түмүгүнэн Горнайдааҕы кииннэммит библиотечнай…
Дөлүһүөн Эмкэ күһүн тоҥоруу түһүөн иннинэ хомуллубут отону туһаныллар. Хаппыт отону мэлийэллэр. Биэс остолобуой ньуоска…
Нам оройуонугар сааскы халаантан сылтаан дьиэтэ суох хаалбыт 75 дьиэ кэргэн саҥа дьиэни ылыаҕа. Бу…
Дьокуускайга "Звезднай" түөлбэ С секторыгар 990 миэстэлээх оскуола тутулла турар. [gallery ids="164006,164007"] СӨ тутууга министиэристибэтэ…
"Аҕа дойдуну көмүскээччилэр" пуонда филиалын салайааччытын Алексей Александровы кытта көрсүһүүгэ Ил Дархан Айсен Николаев үлэни…
Күннэтэ уу эбийиэктэригэр дьон куттала суох буолуутун хааччыйыы – кыра суудуналар судаарыстыбаннай иниспиэксийэлэрин иниспиэктэрдэрин биир…