Саха сиригэр гидрологическай балаһыанньа хайдаҕый?

Өймөкөөн улууһугар 22 тиэргэн, ол иһигэр 4 олорор дьиэ ууттан босхолонно.
Өймөкөөн, Муома, Абый улуустарыгар 396 тиэргэн ууга барбытынан турар. Онно 368 киһи, ол иһигэр 94 оҕо, олорор 90 дьиэтэ.
Өймөкөөн улууһугар:
Өймөкөөн сэл. — 179 тиэргэн, ол иһигэр 87 олорор дьиэ;
Томтор сэл. — 100 тиэргэн, ол иһигэр 2 олорор дьиэ;
Куйдуһун сэл. — 14 тиэргэн;
Орто Балаҕан сэл. — 32 тиэргэн.
Муома улууһугар:
Хонуу сэл. — 14 тиэргэн;
Буор Сыһыы сэл. — 27 тиэргэн;
Соболоох сэл. — 2 тиэрогэн.
Абый улууһугар:
Кэбэргэнэ сэл. — 16 тиэргэн, ол иһигэр 1 олорор дьиэ.
Индигир өрүс тардыытыгар элбэх ардах түспүтүттэн уу таһыма үрдээтэ.
Нэһилиэнньэҕэ көмөнү оҥорорго Арассыыйа ЫБММ авиатордара уонна быыһааччылара көмөлөһөллөр, уопсайа РСЧС-тан 200-тэн тахса исписэлиис, араас биэдэмистибэлэртэн, тэрилтэлэртэн 60 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар.
ЫБММ быыһааччылара Өймөкөөн улууһугар дьон малын-баайын көһөрүүгэ, сүөһүнү үрдүк сиргэ үүрэн көмөлөһө сылдьаллар.
Дьокуускайга нэһиилэ сылдьар дьоннору уонна оҕолору аҕаллыллар. Гуманитарнай көмө эмиэ оҥоһуллар.
Ардах уутуттан тахсыбыт халаан хоромньутун уонна ууга барбыт эбийиэктэри ааҕар хамыыһыйалар үлэлэрэ салҕанар.
«Муниципальнай тэриллиилэр территорияларыгар гидрометеорологическай балаһыанньаны хонтуруоллааһын уонна кэтээн көрүү тэрилиннэ. Балаһыанньа мөлтүүр түгэнигэр ЫБМ 100-чэкэ быыһааччыта бэлэм сылдьаллар», — диэтэ ЫБММ Саха сиринээҕи сүрүн управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Александр Никифоров.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: