Саха сиригэр гидрологическай балаһыанньа хайдаҕый?

Суукка иһигэр 167 тиэргэн ууттан босхолонно, ол иһигэр 10 дьиэ, алта нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 1 суол учаастага.
Билиҥҥи туругунан 239 тиэргэн, ол иһигэр 84 дьиэ, «Өймөкөөн» айан суолун 1 учаастага ууга тураллар.
Өймөкөөн улууһугар:
Өймөкөөн с. — 138 тиэргэн, ол иһигэр 79 дьиэ;
Куйдуһуҥҥа – 14 тиэргэн;
Орто Балаҕан с. — 31 тиэргэн.
Муома улууһугар:
Хонуу с. — 6 тиэргэн;
Буор Сыһыы с. — 24 тиэргэн.
Абый улууһугар:
Кэбэргэнэ с. — 26 тиэргэн, ол иһигэр 5 дьиэ.
Элбэх ардах түспүтүттэн Индигиир өрүс тардыытыгар уу таһыма үрдээбитэ бэлиэтэммитэ.
Нэһилиэнньэҕэ авиатордар, Арассыыйа ЫБММ быыһааччылара көмөлөһөллөр. РСЧС 200 исписэлиис, араас тэрилтэлэртэн, биэдэмистибэлэртэн барыта 60 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар.
Өймөкөөн улууһугар ЫБММ быыһааччылара нэһилиэнньэҕэ көмөнү оҥороллор, уу, ас-үөл тиэрдэллэр, дьон малын-салын таһаллар, сүөһүлэрин үрдүк сиргэ таһаараллар.
Ардах уутуттан тахсыбыт халаан хоромньутун уонна ууга барбыт эбийиэктэри ааҕарга хамыыһыйа үлэтэ салҕанар.
—Билиҥҥитэ 428 тиэргэн, ол иһигэр 98 дьиэ ууга барбыта бэлиэтэнэр. Улуустарга балаһыанньаны кэтээн көрүү үлэтэ уонна хонтуруол тиһиктээхтик салҕанар. Балаһыанньа уустугурар түгэнигэр Арассыыйа ЫБММ 100 быыһааччыта көмөлөһөргө бэлэм, — диэн иһитиннэрдэ СӨ ЫБММ кылаабынай управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Александр Никифоров.
@mchsYakutia
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: