Саха сиригэр гидрологическай балаһыанньа хайдаҕый?

Share

Суукка иһигэр 167 тиэргэн ууттан босхолонно, ол иһигэр 10 дьиэ, алта нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 1 суол учаастага.

Билиҥҥи туругунан 239 тиэргэн, ол иһигэр 84 дьиэ, «Өймөкөөн» айан суолун 1 учаастага ууга тураллар.

Өймөкөөн улууһугар:

Өймөкөөн с. — 138 тиэргэн, ол иһигэр 79 дьиэ;
Куйдуһуҥҥа – 14 тиэргэн;
Орто Балаҕан с. — 31 тиэргэн.

Муома улууһугар:
Хонуу с. — 6 тиэргэн;
Буор Сыһыы с. — 24 тиэргэн.

Абый улууһугар:
Кэбэргэнэ с. — 26 тиэргэн, ол иһигэр 5 дьиэ.

Элбэх ардах түспүтүттэн Индигиир өрүс тардыытыгар уу таһыма үрдээбитэ бэлиэтэммитэ.

Нэһилиэнньэҕэ авиатордар, Арассыыйа ЫБММ быыһааччылара көмөлөһөллөр. РСЧС 200  исписэлиис, араас тэрилтэлэртэн, биэдэмистибэлэртэн барыта 60 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар.

Өймөкөөн улууһугар ЫБММ быыһааччылара  нэһилиэнньэҕэ көмөнү оҥороллор, уу, ас-үөл тиэрдэллэр, дьон малын-салын таһаллар, сүөһүлэрин үрдүк сиргэ таһаараллар.

Ардах уутуттан тахсыбыт халаан хоромньутун уонна ууга барбыт эбийиэктэри ааҕарга хамыыһыйа үлэтэ салҕанар.

—Билиҥҥитэ 428 тиэргэн, ол иһигэр 98 дьиэ ууга барбыта бэлиэтэнэр. Улуустарга балаһыанньаны кэтээн көрүү үлэтэ  уонна хонтуруол тиһиктээхтик салҕанар. Балаһыанньа уустугурар түгэнигэр Арассыыйа ЫБММ 100  быыһааччыта көмөлөһөргө бэлэм, — диэн иһитиннэрдэ  СӨ ЫБММ кылаабынай управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Александр Никифоров.

@mchsYakutia

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Наардаҕа күрэхтэстилэр

А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр наардаҕа күрэхтэһии буолла. Быйылгы күрэскэ уопсайа 27 киһи кытынна. 8…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн Сэмэнэ уустук кэми хаартыскаҕа түһэрдэ уонна видеоҕа уһулла

Быйыл Өймөкөөн улууһугар айылҕа иэдээнигэр түбэспит дьоҥҥо тута болҕомто ууруллан, олохтоохтор бэйэлэрин көмүскэллээх курдук санаммыттара.…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Семен Руфовка махтанан…

 1980 сыллаахха Красноярскай кыраайга Саха литературатын уонна искусствотын күннэрэ ыытыллыбыттара. Онно  Саха сирин артыыстара, суруйааччылара,…

4 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

“Олохтоох дьаһалта суһаллык тэриннэ”

“Олохтоох дьаһалта суһаллык тэриннэ” Биэрэк Үрдэ бөһүөлэк олохтооҕо Федор Шпнев Өймөкөөн улууһун хаһыатыгар кэпсээбитинэн, дэриэбинэҕэ…

5 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Өймөкөөн оройуонун киинигэр халаан содулун туораталлар

Билигин Өймөкөөн улууһугар Арассыыйа ЫБМ СӨ Киин управлениетын быыһааччыларын суһал бөлөҕө уонна СӨ Быыһыыр сулууспатын…

7 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаандыгаттан тэйиччи сиргэ кыыс атаҕын эчэппит

От ыйын 19 күнүгэр 112 нүөмэргэ 11.37 мүнүүтэҕэ иһитиннэрии киирбит. Ол курдук, Хаандыга бөһүөлэгиттэн 238…

7 часов ago