Саха сиригэр хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамата — болҕомто киинигэр
Саха сирэ соругун көдьүүстээхтик толорорун туһунан эспиэрдэр хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамата тэтимнээхтик үлэлиирин кэпсэтии кэмигэр бэлиэтээтилэр.
Ол курдук, бу бырагыраамаҕа олоҕуран, 2024 сылга дьону көһөрөр олорор дьиэ иэнэ 1 мөл. квадратнай миэтэрэҕэ тэҥнэһиэҕэ. «Ленскэй кулууп» бу бырагыраама олоххо киириитин туһунан Судаарыстыбаннай Дуума тутууга уонна ОДьКХ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Владимир Кошелевы уонна геодемография уонна М.В. Ломоносов аатынан МГУ тулалыыр эйгэни сайыннарыы киинин дириэктэрэ Александр Панины кытта дьүүллэстэ. Саха сирэ дойдуга хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ иккис миэстэҕэ сылдьар. Ол курдук, 40 тыһ тахса киһи эргэ дьиэтин саҥа дьиэҕэ уларытта. Эрэгийиэҥҥэ олорор дьиэни саҥардыы РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тус хонтуруолугар турар. Кулун тутан 14 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев дойду баһылыгын кытта көрсөн, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэриигэ эбии үбүлээһин наадатын кэпсэппитэ.
«Территориялар сайдыыларын пуондатыгар Саха сирин сайаапкатын ылынан, эбии үбүлээһини көрүөххэ сөп», — диэн дьокутаат Владимир Кошелев бэлиэтээтэ.
«Саха сирэ демографическай көрдөрүүтүн көрө олорон, дьон олорор дьиэҕэ наадыйара элбээбитин өйдүүбүт. Тутуу сыаната да ыарахан, Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр тэҥнээтэххэ, тутуу сезона да кылгас», — диэн эбэн эттэ Александр Панин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: