Салгыы
Саха сиригэр хагдаҥ эһэ дьон сылдьар сиригэр тахсар түбэлтэтэ элбээтэ

Саха сиригэр хагдаҥ эһэ дьон сылдьар сиригэр тахсар түбэлтэтэ элбээтэ

05.07.2025, 13:00
Хаартыска СӨ Экологияҕа министиэристибэтиттэн
Бөлөххө киир:

Сайыҥҥы кэмҥэ, Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, геологическай баазаларга, дьон сынньанар сиригэр, сыбаалкаларга уо.д.а., хагдаҥ эһэлэр тахсар түбэлтэлэрэ элбээтэ диэн СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Өрөспүүбүлүкэҕэ эһэ нэһилиэнньэлээх пууннарга, дьоҥҥо тахсыытын ахсаана элбээһинин уонна ааспыт сылларга ойуур баһаардара тураннар, астара аҕыйаан сирдэрин уларытыыларын, сир баайын хостооһун бырамыысыланнай баһылааһынын кытары сибээстээх диэн быһаараллар.

Муус устар ый үһүс декадаттытан бэс ыйын 30 күнүгэр диэри тыа нэһилиэктэрин баһылыктарын үҥсүүлэригэр, сир баайын туһанааччылар суруктарыгар уонна дьон олоҕор куттал үөскэбитин туһунан олохтоохтор этиилэригэр олоҕуран, СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ 315 хагдаҥ эһэни бултуурга 175 быһаарыыны таһаарбыт, олортон 85-һэ бултаммыт.

Эһэ киһиэхэ кутталы үөскэтэр кэмэ дьыл кэминэн араастаах. Тыатааҕы киһиттэн төрүт куттаммат, саамай сэрэхтээх кэмэ саас арҕахтан тахсыыта уонна ирсиһиитин кэмэ (от ыйыгар) бэлиэтэнэр.

Бары сонуннар
Салгыы
5 июля
  • 24°C
  • Ощущается: 24°Влажность: 53% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: