Саха сиригэр хагдаҥ эһэ дьон сылдьар сиригэр тахсар түбэлтэтэ элбээтэ

Share

Сайыҥҥы кэмҥэ, Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, геологическай баазаларга, дьон сынньанар сиригэр, сыбаалкаларга уо.д.а., хагдаҥ эһэлэр тахсар түбэлтэлэрэ элбээтэ диэн СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Өрөспүүбүлүкэҕэ эһэ нэһилиэнньэлээх пууннарга, дьоҥҥо тахсыытын ахсаана элбээһинин уонна ааспыт сылларга ойуур баһаардара тураннар, астара аҕыйаан сирдэрин уларытыыларын, сир баайын хостооһун бырамыысыланнай баһылааһынын кытары сибээстээх диэн быһаараллар.

Муус устар ый үһүс декадаттытан бэс ыйын 30 күнүгэр диэри тыа нэһилиэктэрин баһылыктарын үҥсүүлэригэр, сир баайын туһанааччылар суруктарыгар уонна дьон олоҕор куттал үөскэбитин туһунан олохтоохтор этиилэригэр олоҕуран, СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ 315 хагдаҥ эһэни бултуурга 175 быһаарыыны таһаарбыт, олортон 85-һэ бултаммыт.

Эһэ киһиэхэ кутталы үөскэтэр кэмэ дьыл кэминэн араастаах. Тыатааҕы киһиттэн төрүт куттаммат, саамай сэрэхтээх кэмэ саас арҕахтан тахсыыта уонна ирсиһиитин кэмэ (от ыйыгар) бэлиэтэнэр.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Куомуннаһан тэрилтэ харчытын сиэбиттэр

Нерюнгри куорат борокуратуурата түөрт киһи холуобунай дьыалатынан буруйдуур түмүгү бигэргэттэ. Кинилэр РФ холуобунай кодексатын 159 …

8 часов ago
  • Сонуннар

Үлэнэн иитиллии

Ханнык баҕарар киһи бу орто дойдуга олоҕо араастык ааһар. Прасковья Осиповна эринээн Бүөтүрдүүн үс оҕону…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Сөпкө тыына үөрэниэҕиҥ

Киһи тыҥата 1 чааска ортотунан 5-17 лиитирэ углекислай гааһы, 50 грамм ууну таһаарар. Мүнүүтэҕэ ортотунан…

9 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Эрдэҕэс саастаах оҕо түүннэри сылдьар буоллаҕына…

Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо уопсастыбаннай миэстэҕэ түүннэри сылдьара сэрэхтээх. Киниэхэ бэйэтигэр даҕаны, ону сэргэ…

9 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Муусука истэ турдаҕына төлөпүөнүн былдьаабыттар

Уулуссаҕа дьонтон төлөпүөнү, суумканы уоруу, былдьааһын биирдэ эмит тахсар. Биир оннук түбэлтэ Дьокуускайга таҕыста. Полиция…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

60 саас кэннэ иммунитет бөҕөргүүр дуо?

Киһи сааһыран истэҕин ахсын иммунитет систиэмэтэ уларыйар. Маннык уларыйыыны иммуносенесценция дииллэр. Киһи дьаҥтан, ол-бу ыарыыттан…

10 часов ago