Саха сиригэр хаһаайына суох бэйдиэ ыттары утутар туһунан толкуйдууллар

Share

Саха сиригэр бэйдиэ сылдьар ыттары утутар туһунан толкуйдууллар. Маннык ис хоһоонноох сокуон бырайыагын Арассыыйаҕа алта эрэгийиэн ылыммыта.

Ол курдук, Бурятия, Забайкалье, Тыва, Алтай өрөспүүбүлүкэлэрэ, Астраханскай уонна Магаданскай уобаластар буолаллар. Саха сиригэр маннык ис хоһоонноох сокуон бырайыагын быдан эрдэ толкуйдаабыттара. Онно сурулларынан, приютка киирбит ыт үс ыйтан ордук  хаһаайынын булбатаҕына, утутуллуохтаах диэн. Билигин Саха сирин бырабыыталыстыбата саҥа сокуон бырайыагын толкуйдаабыт. «Об установлении порядка осуществления деятельности по обращению с животными без владельцев и определении перечня мероприятий при осуществлении такой деятельности на территории РС(Я)» дэнэр. Бу дьыл муус устар ыйыгар Ил Түмэн пленарнай  мунньаҕар ити сокуон бырайыага көрүллүөхтээх.

Билигин Саха сиригэр 14 муниципальнай уонна чааһынай приюттар үлэлииллэр. Ону сэргэ, бэйдиэ ыттары тутар уон пуун үлэлиир. Ааспыт сыл түмүгүнэн, Дьокуускайдааҕы ыты тутар приютка 5048 ыт тутуллан киирбитэ. Онтон 1730 ыт уулуссаҕа төннөрүллүбүт. Бу дьыл тохсунньу ыйынааҕы дааннайынан, приютка саастарын моҥуохтарыгар диэри 614 ыт иитиллэн турар. 614 ыты иитэргэ уонна аһатарга сыл ахсын 64,8 мөл.солк көрүллэр. Күҥҥэ биир ыт аһыырыгар-сииригэр 289,37  солк. ороскуоттанар.

Бэлиэтээн суруйдахха, бэйдиэ сылдьар ыттары көҥүл ыттахха, кинилэр үөрдүһэн дьоҥҥо кутталы суоһуохтарын сөп. Киһи өлүүлээх быһылаан Дьокуускайга аҕыйах сыллааҕыта бэлиэтэммитэ. Маны сэргэ, тыа хаһаайыстыбатыгар эмиэ бэйдиэ сылдьар ыттар улахан хоромньуну оҥороллор. Ааспыт сылга бэйдиэ сылдьар ыттар дьиэ сүөһүтүгэр, сылгытыгар саба түһэн 77 төбө хоромньу таһаарбыттара.

Билиҥҥи туругунан сокуон бырайыага үөрэтиллэр. Кулун тутар 15 күнүгэр диэри бэйэҕит этиигитин, көрүүгүтүн маннык аадырыска ыытыаххытын сөп. depvetsakha@mail.ru эбэтэр СӨ Бэтэринээрийэтин департаменын Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай иниспиэктэригэр Харитонова Оксана Романовнаҕа  эрийэн сибээскэ тахсыахха сөп: 8(4112) 508-715.

What’s your Reaction?
+1
16
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

3 часа ago