Саха сиригэр хаһан тымныйыаҕай?

Share

Алтынньы 30 күнүттэн Саха сиригэр эмискэ 20 кыраадыс тымныйыаҕа.

Бу туһунан СИА-ҕа  Дьокуускайдааҕы УГМС начаалынньыгын солбуйааччы — Саха сиринээҕи күнү-дьылы билгэлиир киин начаалынньыга Татьяна Маршалик иһитиннэрдэ.

“Кэлэр бэнидиэнньиктэн Дьокуускайга уонна киин оройуоннарга эмискэ тымныйыа диэн сабаҕалыыбыт. Түүн температура 20 кыраадыстан намтыаҕа, күнүс -10-15 кыраадыс буолара күүтүллэр. Кылгас болдьохтоох сабаҕалааһыннары өссө чопчулуохпут, бу нэдиэлэ наһаа тымныы буолбатах”, — диэн Татьяна Маршалик бэлиэтээтэ.

Кини этэринэн, бу нэдиэлэҕэ кэккэ оройуоннарга  циклоннар сабыдыалларынан  арыычча сылаас күн-дьыл туруоҕа. Чугастааҕы кэмҥэ өссө икки циклон тахсыаҕа. Саха сирин арҕаа уонна соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр халлаан сылаас буолуоҕа. Сылаас салгын тыына киин оройуоннарга эмиэ биллиэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1
+1
2
+1
8

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

10 часов ago