Хаартыска: СИА
Саха сиригэр сааскы халаан уута уустуктук ааһара күүтүллэр. Бу туһунан бэнидиэнньиккэ, кулун тутар 24 күнүгэр, Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспатын начаалынньыга Иннокентий Андросов «Якутия 24» телеханаалга «Актуальное интервью» биэриигэ иһитиннэрдэ.
«Быйыл Бүлүү өрүһүнэн элбэх уу ааһыаҕа. Саха сирин хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр, Индигиир уонна Халыма өрүстэригэр хаар нуорматтан намыһах. Өрүстэр ууларын уонна хаар саппааһын учуоттаан, Саха сиригэр сааскы халаан уута уустуктук ааһара күүтүллэр диэххэ сөп. Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр эмискэ күүскэ сылыйыы куһаҕаннык дьайара сабаҕаланар», — диэн Иннокентий Андросов кэпсээтэ.
Дьокуускайдааҕы УГМС дааннайынан, кулун тутар 20 күнүнээҕи туругунан Алдан, Амма өрүс баһыгар, Витим өрүскэ, Ленскэй таһыгар уонна ордук Бүлүү өрүс бассейныгар хаар саппааһа нуорматтан таһыма олус үрдүк. Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспа начаалынньыга бэлиэтээбитинэн, саас муус барыытыгар араас биричиинэлэр сабыдыаллыыллар: күһүҥҥү салгын температурата, сир сиигэ, өрүскэ муус туруута, сааскы салгын температурата, хаарга уу кээмэйэ уонна саамай сүрүнэ – муус халыҥа уонна хаар саппааһа. Саха сиригэр быйыл өрүстэр аһыллыылара ортотунан элбэх сыллаах көрдөрүүлэргэ чугас, онон арыый да эрдэ эстэллэрэ күүтүллэр.
Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -23 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Биэс сыллаах тохтобул кэнниттэн Судаарыстыбаннай Кириэмил дыбарыаһыгар бастыҥ устудьуоннарга, үөрэх олимпиадаларын, айар куонкурустар, спортивнай күрэхтэһиилэр…
Сыл саамай хараҥа, тымныы бастакы ыйын туһунан Тускул үгэс быһыытынан билгэлээтэ. - 2026 сыл -…
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар биир киһи хаһыс да төгүлүн арыгы иһэн баран, массыынаны ыытан, сууттанна. …
Саҥа дьыл буолара үс эрэ күн хаалла. Эрдэттэн хааччымматах дьон билигин тугу бэлэхтиибит диэн толкуйга…
Бу күннэргэ Мэхээлэ Дьөгүөрэп аатынан сылын ахсын ыытыллар Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыгын сылы түмүктүүр "Бастыҥнар түһүлгэлэрэ"…