Саха сиригэр халаантан ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиими федеральнай таһымҥа көһөрдүлэр

Share

РФ Бырабыыталыстыбатын хамыыһыйатын мунньаҕар ыксаллаах быһыыны-майгыны суох оҥорууга уонна саахал содулларын туоратыыга миниистирэ Александр Куренков Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиим ыстаатыһын федеральнай таһымҥа уларытарга этии киллэрдэ.

Бу быһаарыы халаан содулун суһаллык туоратарга уонна эмсэҕэлээбиттэргэ кэмпэнсээссийэ толору төлөбүрдэринэн хааччыйыаҕа. Хамыыһыйа мунньаҕар Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бастакы вице-премьера Дмитрий Садовников кытынна. Кини этэринэн, быйыл сааскы халаан уутун содулуттан хоромньу кээмэйэ  2,9 млрд солк. тэҥнэһэр. «Хорумньу кээмэйин суоттааһынын тэрээһиннэрэ Нам, Өлүөхүмэ, Ньурба улуустарыгар түмүктэннэ уонна Анаабырга салҕанар», – диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Быйыл сааскы халаан уутун суодулуттан 4 улуустарынан барыта 27 нэһилиэк эмсэҕэлээтэ.  1168 ыал уһаайбата, 1010 олорор дьиэ ууга барбыта биллэр. Эмэсэҕэлээччи киһи ахсаана — 4056.  Халаан уутуттан тырааныспар уонна олох-дьаһах хомунаалынай инфраструктуратын эбийиэктэрэ, уотунан хааччыйыы, тыа хаһаайыстыбатын, үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ кээһэннилэр. Барыта айан суол 136 учаастага алдьаммыта регистрацияланна. 1040 олорор дьиэ, ол иһигэр 912 чааһынай олорор дьиэ уонна 35 элбэх кыбартыыралаах дьиэ эмсэҕэлэннэ. 63 олорор дьиэ уонна икки фельдшерскэй-акушерскай пуун эбийиэктэрэ чөлүгэр түһэриллэр кыахтара суох.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago