Салгыы
Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ 2025 сылга 16,6 % улаатыаҕа

Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ 2025 сылга 16,6 % улаатыаҕа

05.11.2024, 14:30
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 16,6 % үрдүөҕэ уонна 22440 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ диэн эрэгийиэннээҕи Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Судаарыстыба бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр үлэһиттэригэр, муҥутуур хотугу надбавка усулуобуйатыгар (80 быр.) МРОТ тэҥнэһэр:

— 1,7 оройуоннааҕы коэффициеннээх оройуоннарга 56 100 солкуобай;

— 2,0 оройуоннааҕы коэффициеннээх оройуоннарга  — 62 832 солкуобай.

Бүддьүөккэ киирсибэт , ону тэҥэ федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр  тэрилтэлэр уонна предприятиелар үлэһиттэригэр, МРОТ үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтаах. 2025 сылга бу көрдөрүү 29187 солкуобайга тэҥнэһэр.

Саха сирин баһылыга бу иннинэ бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтии туһунан иһитиннэрбитэ. Тохсунньу 1 күнүттэн доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин, социальнай эйгэ уонна култуура үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ. Бу сыалга бүддьүөттэн 19 млрд солкуобай кэриҥин ыытыахтара. Ону тэҥэ МРОТ таһымынан хамнас ылааччыларга 16,6 бырыһыанынан үрдүүрэ күүтүллэр, атын категорияларга — 5,7%.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: