Саха сиригэр хамнас орто кээмэйэ 108 тыһ.солк. тэҥнэстэ

Саха сиригэр хамнас орто кээмэйэ 108 тыһ.солк. тэҥнэстэ

21.03.2024, 10:48
Хаартыска: СИА, Мария Васильева
Бөлөххө киир:

Сахастат ааспыт сыллааҕы дааннайынан, Саха сиригэр орто хамнас алын кээмэйэ 108 тыһ. солк. тэҥнэспит. Улуустарынан үрдүк орто хамнас алын кээмэйэ Анаабыр улууһугар бэлиэтэннэ. Дойду эрэгийиэннэрин ортолоругар орто хамнас алын кээмэйин таһымынан Саха сирэ 8 миэстэҕэ турар, оттон Чукотскай аптаныамыйалаах уокурук бастакы миэстэҕэ сылдьар.

Бу туһунан кулун тутар 19 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ хамнаһы ааҕыллыытын үрдэтии дьаһалларын дьүүллэһиигэ буолбут бырабыыталыстыба чааһыгар Саха сирин нэһилиэнньэтин хамнаһын уонна үп-харчы дохуоттарын туһунан СӨ Экэниэмикэҕэ миниистирэ Петр Попов иһитиннэрдэ.

Хаартыска: Ил Түмэн пресс-сулууспата

Саха сирин муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын ортолоругар үрдүк орто хамнастаах бырамыысыланнай улуустарынан буоллулар:

‒ Анаабыр улууһа – 173 тыһ. солк.;

‒ Өймөкөөн улууһа – 156 тыһ. солк.;

‒ Мииринэй улууһа — 151,7 тыһ. солк.

Оттон намыһах орто хамнастаах улуустарга киирдилэр:

‒ Уус Алдан улууһа — 70,67 тыһ. солк.;

‒ Чурапчы улууһа — 70,9 тыһ. солк.;

‒ Амма улууһа — 70,9 тыһ. солк.

СӨ Экэниэмикэҕэ миниистирэ Петр Попов маны сэргэ социальнай төлөбүрдэр былырыыҥҥы уопсай кээмэйдэрин көрдөрүүлэрэ 2018 сылга тэҥнээтэххэ 1,7 төгүл улааппыт уонна 158 млрд. солк. тиийбит. Оттон нэһилиэнньэ харчытын уопсай кээмэйэ 2018 с. көрдөрүүлэри кытта тэҥнээтэххэ 1,6 төгүл улаатан, 778 млрд. солк. буолбут. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хаартыска: Ил Түмэн пресс-сулууспата
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: