Өрөспүүбүлүкэҕэ РФ Сэбилэниилээх Күүстэригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа дьону сүүмэрдээһин үлэтэ салҕанар.
Гражданнары хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдээһин биир кэлим кииннэр тэриллибит сирдэригэр ыытыллаллар.
«Хандьыдааттар бэлиэтииллэринэн, кинилэри патриотизм, ытык иэс уонна бүгүн Ийэ дойдуларын уонна чугас дьоннорун кэскилин көмүскүүр биир дойдулаахтарын өйүүр баҕа санаа хамсатар», – диэн Дьокуускай куоракка хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдиир пууҥҥа иһитиннэрэллэр.
Санатан эттэххэ, биир кэлим кииннэргэ байыаннай сулууспаҕа киирэргэ бары наадалаах тэрээһиннэри ааһаллар: мэдиссиинискэй көрүүлэр, психологическай чинчийии, наадалаах докумуоннары толоруу. Дьокуускай, Нерюнгри уонна Мииринэй куораттарга сүүмэрдиир пууннар 09:00 чаастан 18:00 чааска диэри өрөбүлэ суох бу аадырыстарынан үлэлииллэр:
Ону таһынан, олорор сиринэн байыаннай комиссариакка уонна дьаһалтаҕа билсиэххэ сөп. Илдьэ кэлэр докумуоннар: Пааспар, СНИЛС, ИНН, үөрэх туһунан докумуон, байыаннай билиэт, кэргэннии буолуу уонна оҕолор төрөөбүттэрин туһунан туоһу суруктар (баар буоллахтарына).
Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…
Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…
Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…
Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…
Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…