Бүгүн, атырдьах ыйын 31 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев байыаннай сулууспаҕа дуогабарадаспыт дьоҥҥо эригийиэннээҕи төлөбүрү 900 тыһыынча солкуобайга диэри үрдэтэр анал ыйаахха илии баттаата.
Биир кэмнээх төлөбүр Дьокуускай куоракка сүүмэрдиир пууҥҥа уонна өрөспүүбүлүкэ Национальнай гвардиятын управлениетыгар байыаннай сулууспаҕа хантарааҕынан дуогабардаһар дьоҥҥо оҥоһуллар.
Төлөбүр кээмэйин үрдээһинэ Саха сирин байыаннай комиссариатынан ыҥырыллыбыт мобилизованнай байыаннай сулууспалаахтарга уонна сулууспаҕа ыҥырыллыбыт саллааттарга эмиэ дьайыаҕа. Байыаннай чаастарга дуогабар түһэрсэр буоллахтарына, биир кэмнээх төлөбүр эрэсиимэ Арассыыйа оборуонатын министиэристибэтин иһитиннэриитигэр олоҕуран оҥоһуллуоҕа. Онон Арассыыйа Оборуонаҕа министиэристибэтин кытта дуогабар түһэрсэр түгэҥҥэ федеральнай, эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай бүддьүөттэртэн киирэр төлөбүр уопсай суумата 1 мөлүйүөн 400 тыһыынча солкуобай буолла.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…