Салгыы
Саха сиригэр хас бойобуода үлэлээбитэй?

Саха сиригэр хас бойобуода үлэлээбитэй?

Ааптар:
11.02.2023, 11:00
Дьаһаах хомуура. (И.Акимушкин уруһуйа).
Бөлөххө киир:

Саха сирэ Ленскэй кыраай диэн ааттаныаҕыттан Арассыыйа империятыттан салаллар дойду  буолбута. Биллэн турар, ыраахтааҕылар түүлээҕинэн хааччыйар улахан кыраайга дьаһайар, дьаһаах хомуурун кэтээн көрөр тойоттору ыытар этилэр. Маҥнайгы дьаһаах хомуйааччылар баламат санаалаах хаһаах буойуннар эбит буоллахтарына, сотору кэминэн ыраахтааҕы былааһыттан анаммыт бойобуодалар, күбүрүнээтэрдэр кэлэр буолбуттара. Туох дьон, хайдах ананан кэлэр эбиттэрий? Саха сиригэр өрөбөлүүссүйэ иннинэ кэлэн, үрдүк дуоһунаска олорбут тойоттору ахтан ааһыаҕыҥ.

Сүүс кэриҥэ үрдүк сололоохтор

Устуоруйа билимин дуоктара Федот Сафронов чинчийэн суруйбут монографиятыгар олоҕуран, Саха сиригэр 1917 сыл­­лаахха диэри сүүстэн тахса ыраах­тааҕы анаабыт тойотторо кэлбиттэрин билэбит. Ол иһигэр 55 бойобуода, 5 бирикээс­чик, 5 кэмэн­дээн, 4 городничай, 15 уобалас начаалынньыга, 17 күбүрүнээтэр бу киэҥ дойду муҥутуур былаастаах то­­йонунан анана сылдьыбыттара. Ону таһынан, Сафронов испииһэгэр дьяк, сэкирэтээр, вице-губернатор диэн ааттаммыт 62 тойон солбуйааччылара ахтыллыбыттар. “Бу араас майгылаах, олоххо сыһыаннаах, дьоҕурдаах дьон этилэр. 17-18-с үйэтээҕи то­­йоттору 19-20 үйэҕэ ананан кэлбит салайааччылары биир кэлимсэ тэҥниир сатаммат”, – диэн үлэтин аан суругар Сафронов билиэтээн этэр.

Саха бойобуодата Уильям Барнсли

Өр кэм устата Ленскэй кыраай­га ыытыллар тойоттор үгүстэрэ буруй боруостааччы эбэтэр харах далыттан кыйдаммыт дьон буолаллара сэрэйиллэр. Аҥаардас айана Арассыыйа киин сириттэн маныаха диэри хас да сыл буолар эбит. Холобур, кы­­раай бастакы бойо­буодата Петр Головин анаммыт сиригэр үс сыл кэриҥэ айаннаан кэлбит. Син суол-иис оҥоһуллан истэҕин аайы айан уһуна кыч­чаан испит эрээри, 18-с үйэҕэ даҕаны анаммыт күбүрүнээтэрдэр сыл аҥаара айаннаан кэлэр эбиттэр.

Бастакы кэлээччилэр бу дойдуга сыһыаннара сүрүннээн бэрт мөкүтэ көстөр. Сүрүн сыалларынан олохтоох нэһилиэнньэттэн дьаһаах хомуйуу буолан, кэлбит “салайааччы” наар үүрүү-үтүрүйүү ньыматын талара чахчы. Аны “ыраахтааҕы ыраах” диэн өйдөбүлүнэн сиэттэрэн, суут-сокуон суох сиригэр аҥаар­дас айбардааһын эмиэ баар эбит. Олохтоох нэһилиэнньэттэн анаммыты үрдүнэн көрдөөһүн, остуруок олохтоохторугар анаммыт хааччыйыыны “сиэһин” бэрт тарҕаммыт үгэс буолбут.

Хайдах курдук дьон кэлэрин төрдүс анаммыт бойобуода холобуругар көрүөҕүҥ. 1675 сыл атыр­дьах ыйыгар Андрей Барнешлев диэн бойобуоданан ананан кэлэр. Бэйэтэ Англияҕа төрөөбүт, Уильям Барнсли диэн ааттаах дворянин эбит, Арассыыйа ыраахтааҕытыгар сулууспаҕа киирэн баран православнай итэҕэли ылынан Андрей диэн аатынан сүрэхтэммит. Кини туһунан үгүс үҥсүү киирэр, “олохтоох дьону атаҕастыыр, сулууспалаахтары халыыр” диэн. Онон 1678 сыл дуоһунаһыттан уһуллан Москваҕа суукка айаннаан иһэн, Томскай кыраайга тиийэн баран ыалдьан өлбүт. Кини иннигэр бойобуодалаабыт   Дмитрий Андреевич Францбеков (Алуфер Фаренсбах) эмиэ дуоһунаһыттан ууратыллыбыт, муспут баайа хааһынаҕа былдьаммыт. Ити курдук, салалтаттан ууратыллыбыттар бэрт элбэхтэр.

Үтүөлээх тойоттор

Ол эрэн, киһи барыта мөкү буолбат. Саха сирэ сайдарын туһугар кыһаллар тойоттор кыра кыралаан да буоллар бааллара былыргы докумуоннартан көстөр.

1764-1766 сылларга баһылыгынан олорбут Мирон Черкашенинов дьаһаах реформатын ыыппыт тойонунан биллэр. Бу дьаһал кэнниттэн нуорма олохтонон, хаһаактар талбыттарынан, халабыр кэриэтэ дьа­һаах хомуурун ыыталларын ууратар. Сахалары, эбэҥкилэри, атын омуктары кытта сокуон уурбут нуорматынан сыһыаннаһыы саҕаланар.

Кардашевскай Иван Григо­рьевич – Дьокуускай городничайа уонна Уобалас бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ 1800 сылтан икки сыл устата салайар. Кини үлэтин кэмигэр Дьокуускайга бастакы миссионерскай оскуола аһыллыбыт, манна саха оҕолорун үөрэтии саҕаламмыт. Арассыыйа империятын састаабыгар Саха сирин административнай статуһун үрдэтии бырайыагын таҥыыга үлэ­лэспит. Билиҥҥи Саха сиригэр баар Кардашевскайдар кини арас­паанньатын сүгэллэр. Маҥнайгы сүрэхтэниилэригэр сорох саха дьоно кинини ытык­таан, арас­паанньатын ылбыттарын туһунан Ф. Сафронов суру­йар.

Юлий Иванович Штубендорф Саха уобалаһын биэс сыл, 1857-1862 сс. салайбыт. Бэйэтэ быраас үөрэхтээх киһи буолан, доруобуйа харыстабылыгар болҕомтотун уурбут, эмтээһини систиэ­мэлээн олоххо киллэриини саҕалаабыт. Ону кытта Штубендорф салайар кэмигэр “воскреснай оскуола” аһыллыбыт. Бу үөрэх тэрилтэтигэр Арассыыйаҕа оҕолору кытта үөрэҕэ суох улахан дьон эмиэ суруйарга, суоттуурга үөрэнэллэр этэ. Саха тылынан Библия тылбаастаммыта, маҥнайгы сахалыы таҥара сулууспата ыытыллыбыта. Оҕуруот аһын ыһыыга көҕүлээһини өйөөбүт киһи быһыытынан биллэр.

Түмүккэ

Сэбиэскэй былаас олохто­нуон иннинэ эрэ Саха сирин салайбыт Иван Крафт туһунан туспа ыстатыйа суруйдахха эрэ барыта батыан сөп. Эмиэ бэрт кыра болдьоххо олорбут эрээри, Саха сирэ, Дьокуускай куорат сайдыытыгар бэрт элбэх үлэни ыыппыт. XX үйэҕэ дойдуну салайыы атын суолунан-ииһинэн бэрт сыыдамнык сайдар, өрөспүүбүлүкэ тэриллибитэ, элбэх талааннаах бэйэбит дьоммут дьаһалтаҕа тахсан дойдубут тупсарын туһугар үлэлээбиттэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: