Ааспыт нэдиэлэҕэ “Эһэлээх арыылара” заповеднигы күһүҥҥү үөһээттэн кэтээн көрүү түмүктэрин “Өлүөнэ очуостара” национальнай паарка уонна “Экофактор” экологическай киин бэрэстэбиитэллэрэ уопсастыбаннас иннигэр таһаардылар. “Өлүөнэ очуостара” национальнай паарка наука салаатын салайааччыта Лариса Шелоховская этэринэн, быйылгы кэтээн көрүү быһа холоон 150 үрүҥ эһэни бэлиэтээбит. Ол эрэн, бу сыыппара өссө чопчуланыахтаах – 27 тыһыынча кэриҥэ хаартысканы олоччу ырытыы кэнниттэн сөптөөх чахчылар тахсыахтара.
Эһэ дьону кытта көрсүүтэ элбээтэ
Саха сиригэр үрүҥ эһэ ахсаанын учуоттааһын, кэтээһин үлэтэ соторутааҕыта саҕаламмыта. Үлэни саҕалыырга сылтаҕынан үрүҥ эһэни кытта дьон көрсүүтэ эмискэ элбээбитэ буолбута. Өскөтүн урут Халыма кытылыгар сылга биир-икки, бэркэлээтэҕинэ үс эһэ дьон хараҕар түбэһэр эбит буоллаҕына, 2005 сыл эмискэ 25 эһэ бэлиэтэммит. Уонна сыл аайы бу көрдөрүү намтаабат буолбут. Аллараа Халыма оройуонугар ол сыл суһал быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибит. Айылҕа министиэристибэтэ олохтоох дьаһалтаны кытта патруль тэрийбиттэр. Онтон ыла эһэ ахсаанын ааҕыыга, тоҕо элбээбиттэрин төрүөтүн быһаарыыга, олохтоох нэһилиэнньэни адьырҕаны көрсөр ыксаллаах түгэҥҥэ хайдах дьаһанар туһунан үөрэтиигэ үлэ ыытыллар буолбут. Бу тэрээһиннэр муспут чахчыларыгар олоҕуран 2020 сылга “Эһэлээх арыылара” айылҕа заповеднига тэриллибитэ. Салайар тэрилтэнэн “Өлүөнэ очуостара” национальнай паарка анаммыта.
Аан дойду үрдүнэн 27 тыһыынча үрүҥ эһэ баар диэн ааҕыллар. Арассыыйа, Канада, АХШ, Норвегия уонна Гренландия сиригэр 19 субпопуляция ууһаан-үөскээн сылдьар. Арассыыйаҕа түөрт популяцияны араараллар: Баренцев муоратын, Карскай муора, Лаптевтар муораларын уонна Чукотка-Аляска популяциялара. Саха сиригэр Лаптевтар муораларын кытылыгар үөскүүр популяция ахсаанын быһа холоон 800-1200 төбө диэн суоттууллар.
“Өлүөнэ очуостара” национальнай паарка наука салаатын салайааччыта Лариса Шелоховская “Эһэ ахсаана эмискэ элбээбитэ муус ууллуутун туруга уларыйыытын кытта сибээстээх буолуон сөп. Муус аҕыйаан, сорох эһэлэр урут түлүөннүү тиийэр арыыларыгар кыайан тиийбэт буолбут буолуохтарын сөп”, – диэн этэр.
Үрүҥ эһэ ахсаана
Билигин Аан дойду үрдүнэн 27 тыһыынча үрүҥ эһэ баар диэн ааҕыллар. Арассыыйа, Канада, АХШ, Норвегия уонна Гренландия сиригэр 19 субпопуляция ууһаан-үөскээн сылдьар. Арассыыйаҕа түөрт популяцияны араараллар: Баренцев муоратын, Карскай муора, Лаптевтар муораларын уонна Чукотка-Аляска популяциялара. Саха сиригэр Лаптевтар муораларын кытылыгар үөскүүр популяция ахсаанын быһа холоон 800-1200 төбө диэн суоттууллар. Дьиҥэр, бу сыыппаралар сабаҕалааһын кэриэтэ чахчылар – биирдиилээн ааҕыы ханнык да дойдуга ыытылла илик, тас сибикилэринэн, көстүбүт кыыл ахсааныгар олоҕуран суоттаан таһаарыылар.
Сүүнэ иэннээх заповедник
“Эһэлээх арыылара” судаарыстыбаннай айылҕа заповеднига 2020 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр олохтоммута. Тайаан сытар сирэ киэҥ – уопсайа 815,5 тыһ. га Онтон 468 тыһ. га муора, 14 тыһ. га арыылар, 333,5 га материк кытыла. Эһэлээх арыылара диэн уопсай аатынан 6 арыы ааттанар – Крестовскай, Андреева, Пушкарев, Леонтьев, Лысов, Четырехстолбовай арыылар. Эһэни кэтээһин сүрүннээн Четырехстолбовай, Крестовскай арыыларга уонна материк кытылыгар ыытыллар. Бу арыыларга үрүҥ эһэ төрүүр арҕахтара бааллар, онон бастайааннай кэтэбил ыытыллар. Заповедник сиригэр 160 үүнээйи көрүҥэ, 38 түөрт атахтаах кыыл уонна 100-тэн тахса көтөр көрүҥэ баар. Балартан 27 кыыл уонна 8 үүнээйи Кыһыл кинигэҕэ киирбит сэдэх көрүҥнэр буолаллар.
Аныгылыы мониторинг
Итиччэ улахан территорияны атаҕынан кэрийэн кэтиир, биллэн турар, кыаллыбат. Мониторинг тэриллиитин маҥнайгы сылларыгар кэрийиини кытта хаартыскаҕа түһэрэн хабыы (фотоловушка) ньыматын көхтөөхтүк туһанар этилэр. Ону кытта үрүҥ эһэ олоҕун кэтээһиҥҥэ биир ордук көдьүүстээх ньыма – моойторуктааһын туһаныллыбыт. Эһэни утутар эмтээх буулдьанан ытан ылан баран электроннай моойторук кэтэрдибиттэр. Бу үлэни ыытарга эһэ биир уратытын учуоттуохха наада эбит – атыыр эһэ моойо аһары суон буолан, моойторук аанньа иҥнибэт эбит, онон тыһы эһэни кэтээн тутан кэтэрдибиттэр. Ол эрэн, Саха сиригэр үөскүүр эһэ эмиһэ бэрт буолан, “дьахтар” эһэ даҕаны моойторугун өр кэппэтэх – биир сезон илдьэ сылдьан баран төбөтүн нөҥүө уһулан кэбиспит. Ол да буоллар учуонайдар бэрт элбэх наукаҕа суолталаах чахчылары ылбыттар.
“Экофактор” тэрилтэ авиамониторинг тэрийиитинэн дьарыктанар. “Экофактор” киин сайдыытын дириэктэрэ Илья Черноок этэринэн, “Эһэлээх арыылара” заповедникка ордук көдьүүстээх кэтээһини “Орлан-10” пилота суох аппараатынан ыыппыттар. Былырыын бу көтөр аппараат көмөтүнэн Чукотка-Аляска популяциятын чинчийбиттэр, быйыл ааспыт сыллааҕы уопуту Саха сиринээҕи популяцияны чинчийиигэ туһаммыттар.
“Орлан-10” Арктика эрэгийиэнигэр туһанарга табыгастаах аппараат. 12 чаас кэриҥэ көтөр кыахтаах, тыал дьайыытыгар бэринимтиэтэ суох, 5000 миэтэрэ үрдүккэ көтөр дьоҕурдаах, 600 миэтэрэ радиустаах сири биир хаартыскаҕа түһэрэн ылыан сөп. Тымныы, сылаас дьайыытын олус үчүгэйдик тулуйар -30С — +40С кыраадыска үлэлиир кыахтаах.
Быйыл бу аппараатынан 25 тыһыынча кэриҥэ хаартысканы “Орлан-10” көмөтүнэн түһэрэн ылбыттар. Хас биирдии хаартыска 100 мегабайт кэриҥэ “ыйааһыннаах” үлахан файл эбит. Онон көннөрү сыымайдааһын олус элбэх бириэмэни ылар буолан, хаартыскалары нейросеть көмөтүнэн ырытыыны туһаммыттар. Бу ньыма бэрт үчүгэй түмүктэри көрдөрбүт – хаартыскаҕа кыыл баарын алгоритм быһаарар, хас хаартыска хаһан, ханна түһэриллибитин метачахчыларын ылан, сиһилии отчуот оҥорорго улахан туһаны аҕалбыт.
Түмүккэ
Үрүҥ эһэ Арктика харамайдарын муҥутуур адьырҕа кыыла буолар. Эһэ ахсаанын кэтээн көрүү бу дойду экологическай туругун үөрэтиигэ элбэх билиини биэрэр. Арассыыйа Арктикатын туругун глобальнай итийии дьайыытын кэмигэр кэтээһин биир стратегическай суолталаах сорук. Билиҥҥи билгэлээһининэн, 2050-с сылларга муус иэнэ кыччыырыттан эһэ ахсаана ортотунан 30% аҕыйыыра билгэлэнэр. Сүрүннээн түлүөн аһылыктаах кыыл муус баар буоллаҕына эрэ сөптөөхтүк бултуур кыахтаах. “Эһэлээх арыылара” заповеднигы сыл аайы кэтээн көрүү элбэх билиини биэрэр кыахтаах, онон бу үлэ салҕыы ыытыллара улахан көдьүүстээх.
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038
Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…
Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…