Хаартыска СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыттан
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов өрөспүүбүлүкэҕэ «Саха сирэ» урутаан сайдыы территориятыгар хочуолунай тэрилин уонна ититэр хочуоллары оҥорор собуот II уочаратын тутуу боппуруоһунан мунньаҕы ыытта.
Бу туһунан СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ил Дархан ыйааҕын толоруу чэрчитинэн олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга Дьокуускайдааҕы хочуол собуота араас кыамталаах хочуолунай тэрилин уонна ититэр хочуоллары оҥорон таһаарар собуоту үлэҕэ киллэрэргэ этии киллэрэр.
Бастакы вице-премьер Саха сирэ бэйэтэ собуоттанара хочуолунай сыанатын эрэ чэпчэппэккэ, өссө улахан уларыйыылары туһанан оҥорон таһаарар бородууксуйа көдьүүһүн уонна хаачыстыбатын үрдэтиэҕин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ону таһынан эбии үлэ миэстэтэ тахсара саарбаҕа суох.
Собуот 120 устуукаҕа диэри бырамыысыланнай ууну ититэр хочуоллары оҥорон таһаарыахтаах. Хампаанньа быйыл Алдан уонна Өймөкөөн улуустарын филиалларыгар 6 хочуолунайы туруорарга дуогабар түһэрсибитэ.
«Билиҥҥи туругунан «Саха сирэ» урутаан сайдыы территориятыгар тутууну ыытарга Капитоновка учаастагар сир көрүллэн турар, чинчийэр үлэлэр ыытылыннылар уонна наадалаах тэриллээх бүтүн эбийиэк симиэтэтэ оҥоһулунна», – диэн Дьокуускайдааҕы хочуол собуотун дириэктэрэ Пуд Тимофеев мунньахха отчуоттаата.
Мунньахха икки өттүттэн бу бырайыагы олоххо киллэрэргэ көмөлөһүөхтээх сайдыы олуктарын дьүүллэстилэр.
«Бырайыак социальнай суолталааҕын өйдөөн туран, салгыы ыйыллыбыт хайысханан барарга этэбин, инникитин ыытыллыбыт үлэ көдьүүһүн сыаналыахпыт», — диэн Дьулустаан Борисов мунньах түмүгэр эттэ.
Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …