Саха сиригэр «Хомус дьыктаана» ыытыллар
Өрөспүүбүлүкэҕэ Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн, хомус туһунан билиини тургутар тэрээһини Дьокуускайдааҕы Хомус түмэлэ көҕүлээн ыытар.
Аахсыйаҕа ким баҕалаах кыттыан сөп. Бу иннинэ аан бастакытын хомус дьыктаана 2019 сыллаахха тэриллибитэ. Тэрээһиҥҥэ 100-тэн тахса киһи кыттыбыта биллэр.
Быйылгы дьыктаан 25 сорудахтаах. Биир ыйытыкка хоруйдуурга биир мүнүүтэ бэриллэр. Кыттааччы биэс араас көрүҥ хоруйтан биир сөбү талыахтаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ хомус дьыктаана онлайн киэбинэн олунньу 20 күнүгэр диэри ыытыллар.
Дьыктаан сыала-соруга – хомус муусукатын айар, сайыннарыы устуоруйатын билиһиннэрии, хомуска нэһилиэнньэ араҥатын болҕомтотун туһаайыы, интэриэһин тардыы. «Хомусчут дьыктаана» Бүтүн Арассыыйатааҕы «Бүтүн дьиэ кэргэнинэн» бырайыакка кыттарга олус үчүгэй төрүөт буолуон сөп.
Быйыл «Бүтүн дьиэ кэргэнинэн» бырайыак дойдуга Дьиэ кэргэн сылыгар үлэҕэ киирбитэ, ол чэрчитинэн кыттааччылар уустуга суох сорудахтары толоруохтарын уонна бириистэри оонньотууга кыттыахтарын сөп. Бырайыак саайта: всейсемьей.рф
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: