Саха сиригэр «Хонуу күнэ-2024» ыытыллыаҕа

Share

Атырдьах ыйын 15  күнүгэр Хаҥалас улууһугар “Хонуу күнэ-2024” агрономнар уонна үүнээйи олордор хаһаайыстыбалар  өрөспүүбүлэкэтээҕи сэминээр-мунньахтара ыытыллыаҕа.

Тэрээһин кыттыылаахтарын уонна ыалдьыттары киэҥ бырагыраама күүтэр. Бу күн уоҕурдууну оҥорорго агродроннар үлэлэрин көрүөхтэрэ, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорооччуларга “төгүрүк остуол” буолуоҕа, М.Г.Сафронов аатынан Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун уопут оҥорор учаастактарын көрүөхтэрэ, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи агрооскуолалар  быыстапкалара, улуустар ортолоругар быыстапка экспозицияларын киэргэтиигэ куонкурус тэриллиэхтэрэ.

Тэрээһин “Орто дойду” комплекска уонна Покровскайга сарсыарда 9.00 чаастан 19.00 чааска диэри буолуоҕа. Тэрийээччилэр – СӨ Тыа хаһаайыстыбатыгар уонна ас-үөл бэлиитикэтигэр министиэристибэтэ, Хаҥалас улууһун дьаһалтата, Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр института, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет уонна СӨ Наукаларын академията.

Санатан эттэххэ, “Хонуу күнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы тэрээһин 2014 сыллаахха Нөмүгүгэ уонна Покровскайга, онтон араас сылларга Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүрүгэр, Амма улууһун Покровкатыгар, Хаҥалас улууһун Хачыкаатыгар ыытыллыбыта. Былырыын Сунтаар улууһун Куокуну сэлиэнньэтигэр Хонуу күнүгэр  өрөспүүбүлүкэ механизатордарын бастыҥ хамаандаларын быһаарбыттара.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

5 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

5 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

6 часов ago